-
1 аата
I 1. частица усил.: истэр аата суох никак не слушает; кырдьык аата кырдьык правда есть правда; суох аата суох, көрдөөмөҥ нет, значит - нет, не ищите; 2. союз 1) усл. если, раз; билбэт аата мөккүһүмэ раз не знаешь, (то) не спорь; 2) уступ, хотя, хоть; кыайбат аата көтөҕө сатыыллар они силятся поднять, хотя не могут.II межд. выражает неожиданность, удивление, возмущение фу-ты; а ну; господи; аата көрүстэхпит! господи, ведь встретились же мы, наконец!; аата, утуйбута тугун кытаанаҕай! фу-ты, ну и крепко же он спит!; аата, кини айаҕыттан кыһыл көмүс тохтуо буоллаҕай! погов. а ну его, будто у него изо рта золото посыплется! (говорят выведенные из терпения молчанием того, от кого ожидали услышать что-л. интересное). -
2 аат
I 1. 1) имя; прозвище; кличка; аатыҥ кимий? как твоё имя?, как тебя зовут?; хос аат прозвище; аҕатын аата отчество; ытым аата Харабыл кличка моей собаки Страж, мою собаку зовут Страж; аатынан ыҥыр= звать по имени; аат биэр= давать имя, кличку, прозвище; 2) название; заголовок, заглавие; кинигэ аата название книги; 3) имя, известность, слава; үрдүк аат высокое имя; слава; аакка киирбит прославленный, известный; аатын алдьат= опозорить; аатын киртиппит он запятнал своё имя, свою честь; аатын ыл= победив, обесславить; 4) звание; республика үтүөлээх учууталын аатын биэрбиттэр ему присвоили звание заслуженного учителя республики; 5) именины; 2. в ф. дат. п. выступает в роли послелога со значением во имя, в знак, в честь, в память чего-л.; ийэ дойду аатыгар во имя родины; бу малы Москваҕа сылдьыбыт ааппар атыыластым эту вещь я купил в память о пребывании в Москве; 3. в знач. модальной частицы употр. при противопоставлении: аҕатын сүрэхтээх аатыгар сүрэҕэ суох уол төрөөбүт в противоположность работяге отцу сын оказался лентяем (букв. родился сын-лентяй) \# аат аҕай харата кое-как, спустя рукава; аата (или аатыгар) эрэ а) дрянной, неважный; только и славы, что...; аата эрэ сүөһү дрянная скотина; аатыгар эрэ үлэһит неважный работник; б) для виду; спустя рукава; аата эрэ үлэлиир он работает только для виду; аат былдьас см. былдьас; аатыттан ааспыт а) это стало ни к чему непригодным; илим аатыттан ааспыт сеть стала ни к чему непригодной (вся изорвалась); б) оно стало ни к чему непригодным (о животном); аатыттан суох и в помине нет; аат ыыт= распространять клевету; клеветать на кого-л.; ити аата см. ити 2; ол аата см. ол II; туох аатай см. туох.II ад||адский; аат уола! бран. исчадие ада!; аҕабыт ойоҕо аакка түһэр погов. жена священника в ад попадает. -
3 ол
I мест. указ. тот, та, то; ол дьиэҕэ киир войди в тот дом; ол хайа үрдүк та гора высока; ол диэки бар= идти, ехать в том направлении, в ту сторону; ол курдук вот так, таким образом; ол гэннэ а) после того, затем; далее; б) сверх того, кроме того, ещё; ол гэннэ тугу кэпсиигин? что ещё расскажешь?; ол да буоллар тем не менее, всё-таки, несмотря на то; ол гынан баран или ол эрээри всё же, однако; ол иһин поэтому, вследствие этого; ол иһин да! вот в чём дело!, вот оно что!; ол аата значит, следовательно; ол үрдүнэн сверх того, помимо того; онон тем; той; онон барыҥ поезжайте той (дорогой); ону а) того, то, ту; ону мин билбэппин того я не знаю; б) о том; об этом; сну истээт услышав об этом; ону ааһан кроме того, сверх того; онуоха(ҕа); на то, на это; онуоха кини этэр... на это он говорит...; онуоха туох баарый? что из того?; онуоха эбии к тому же \# ону баара не тут-то было; онуоха-маныаха диэри до поры до времени.II модальное сл. 1) усиливает выразительность высказываемого: ол туохтан куттанныгыт? а чего это вы испугались?; ол эйигиттэн ыйытыам дуо? а что, тебя буду спрашивать, да?; 2) с гл. предположительного накл. выражает итог, заключение высказываемого так и...; бардаҕа ол так и ушёл... \# ол аата а) значит, следовательно, стало быть, таким образом, выходит; ол аата, дьэлликтииргин бырахтыҥ дуо? значит, ты бросил бродяжничать?; б) то есть, значит; ол аата, төһө буоларый? то есть, сколько будет?; ол буолан (или гынан) баран но, однако; ол буолан баран, бу хартыына олус табыллыбыт однако эта картина очень удалась; ол гынан баран, ким да кэлбэтэҕэ однако никто не приходил; ол да буоллар несмотря на это, однако, всё-таки; ол да буоллар, быйыл оҕуруот аһа лаппа үчүгэй буолар буолла несмотря на это, обещается хороший урожай овощей; ол иһин вот то-то; конечно; ол иһин, эн төннөн кэлиэхтээх этиҥ вот тото, ты должен был вернуться; чэ, ол иһин, сэрэйбит сэрэх ну конечно, так и предполагали; ол иһин даа вот в чём дело; ясно, в чём дело; ол иһин даа, оттон мин сэрэйбэт да этим вот в чём дело, а я и не догадывался; ол курдук а) итак, таким образом, вот так; ол курдук, бу мас дьиэ ордубут таким образом, этот деревянный дом остался целым; б) например, к примеру; ол курдук, бу порка саҥа үс кран туруорулунна в этом порту, например, установлено три крана; ол эрээри но, однако, тем не менее; халлаан былыттаах, ол эрээри ичигэс пасмурно, но тепло; онон буоллаҕына следовательно, значит, стало быть; онон буоллаҕына, кини миэхэ суруйар суруга барыта сымыйа эбит следовательно, всё, что он пишет мне, оказывается неправдой; онон бүтэр вот и всё, и всё; бүгүн барабын, онон бүтэр! сегодня еду - и всё!; онто суох а) и так (уж), и без того; онто да суох биһиэхэ ыарахан и без того нам тяжело; б) действительно, (и) в самом деле; конечно; ээ, онто суох, оннук, действительно, так оно и есть; онто суох, үөрүөхтэрин үөрэллэр! конечно, как им не радоваться!; ону ааһан более того; не только..., но и...; ыллыыр, ону ааһан үҥкүүлүүр она не только поёт, но и танцует. -
4 уһаа
1) удлиняться, становиться длиннее; уолбут уҥуоҕунан уһаабыт наш сын вытянулся, стал выше ростом; 2) удлиняться, становиться продолжительнее; затягиваться; күн уһаата дни удлинились; уоппускабыт уһаата отпуск у нас увеличился; мунньах уһаата собрание затянулось. -
5 бу
I мест. указ. этот, эта, это; бу уол этот мальчик; манан а) (вот) этим (предметом); манан кэрт руби (вот) этим (напр. топором); б) в этом направлении, тут, здесь; манан барыҥ идите в этом направлении; аттаахтар манан ааспыттара всадники проехали по этому месту; манан ыалдьар болит вот здесь; в) до этих пор, досюда; уу миэхэ манан вода мне досюда; манна а) сюда; манна кэллэ он приехал сюда; манна ууруох давай положим (это) сюда; б) здесь, тут; манна ким да суох здесь никого нет; макы этот, этого, эту, это; маны ханна гынабыт? куда мы это денем?; маныаха а) этому, этой; б) на это; маныаха кини этэр... на это он и говорит...; маныаха диэри кэллим я доехал до этого места; маныаха тугу ылаҕын? что ты хочешь за это? \# манан дьыала буолбатах это дело нешуточное; манна диэн эттэххэ между нами говоря.II модальное сл. усиливает высказываемую мысль: бу дьолу! какое счастье!; бу үөрдэхпин! как я рад!; мэлийдэхпит бу вот и остались мы ни с чём; бу хаһан тиийэбит? когда же это мы доедем? \# бу аата... это значит...; бу аата, биһиги колхоз ферматыгар кэллибит это значит, мы приехали на ферму колхоза; бу гынан баран однако, но однако; тем не менее; бу гынан баран үлэтигэр үчүгэй тем не менее он хорошо справляется с работой; бу санаатахпына (или биллэхпинэ, өйдөөтөхпүнэ) как я сейчас вспомнил, как я сейчас понял, как я сейчас выяснил; бу ейдөөтөхпүнэ, эн миигин албыннаабыт эбиккин как я сейчас понял, ты, оказывается, меня обманул; бу өйдөөтөххө как сейчас стало ясно, как сейчас выяснилось. -
6 тыаһаа
издавать какой-л. шум, звук; массыына тыаһыыр машина гудит; саа тыаһаата раздался выстрел; муора тыаһыыр море шумит; тыал тыаһыыр ветер свистит; сыарҕа тыаһыыр сани скрипят; музыка тыаһыыр музыка звучит; уҥуох тыаһаатаҕына, ыт кэлэр погов. когда застучат кости - собака прибежит. -
7 хооһурҕаа
1) издавать шипящие звуки; уус күөрдэ хооһурҕаата кузнечный мех зашипел; 2) урчать; иһэ хооһурҕаата у него в животе урчит. -
8 ааттаах
1. 1) носящий имя, кличку, прозвище, именуемый, называемый; с именем..., по имени..., по кличке..., по прозвищу...; биһиги колхозпут "Лена" диэн ааттаах наш колхоз называется "Лена"; маны Яков диэн ааттаах киһи кэпсээбитэ это рассказал человек по имени Яков; Мохсоҕол диэн ааттаах ыт собака по кличке Сокол; дойду сурахтаах, алаас ааттаах погов. (каждая) страна имеет свою славу, (каждый) алас - название; 2) замечательный, превосходный, знаменитый; ааттаах булчут замечательный охотник; ааттаах үлэһит превосходный работник; собо - ааттаах ас карась - славная еда; албан ааттаах прославленный, знаменитый, знатный; 2. нареч. разг. очень; исключительно; отменно; ааттаах улахан очень большой; ааттаах күүстээх исключительно сильный; ааттаах үчүгэй отменно хороший; 3. употр. в знач. частицы, выражает собирательность: балык ааттаах барыта баар есть всякого рода рыба; эр киһи ааттаах биир да суох нет ни одного мужчины; 4. употр. в роли модального сл. и выражает 1) ссылку на чужую речь с оттенком недоверия, отриц. отношения говорящего к высказываемому: мас онно үүммэт ааттаах говорят, деревья там не растут (чему едва ли можно верить); ону кини эрэ билбит ааттаах об этом узнал якобы только он; 2) осуждение, иронию: снайпер ааттаах а ещё снайпером называется \# аата суох безымянный палец; туох ааттаах (или ааттааҕын) что за...; что это...; туох ааттаах айдаанай? что за безобразный шум?; туох ааттааҕын мээрилээн хааллыҥ? что это ты повторяешь всё время одно и то же? -
9 ааттаах-суоллаах
широко известный, пользующийся громкой славой; аата-суола суох неизвестный, не получивший известности, славы. -
10 бар
I подр. резкому неожиданному звуку, напр. падения тяжёлой массы в воду: бар гына ууга түстэ он с шумом бултыхнулся в воду \# сүрэҕэ бар гына түстэ у него сердце ёкнуло.II бар дьон все люди, весь народ; бар дьон дьолун туһугар за счастье всех людей.————————1) идти, ходить, уходить; уезжать; отправляться; кини үлэтигэр барда он ушёл на работу; мин үөрэнэ барыам я поеду учиться; борокуот биэрэктэн барда пароход удалился от берега; сатыы бар= идти пешком; 2) перен. идти; уходить; манна икки күнүм барда на это у меня ушло два дня; үлэ үчүгэйдик барар работа идёт хорошо; кини аата барда о нём распространилась дурная молва; олох үчүгэйдик барар жизнь идёт хорошо; 3) перен. идти, быть к лицу; бу бэргэһэ эйиэхэ бэркэ барар эта шапка тебе очень идёт; 4) перен. становиться вкусным; становиться наваристым; эт миинэ барбыт суп стал вкусным, наваристым; чэй барбыт чай заварился; 5) эвф. умирать, кончаться; оҕонньорбут барда старик умер; тута бар= умереть сразу, мгновенно; 6) в сочет. с деепр. на =ан основного гл. выступает в роли вспомогательного гл. и означает начало действия: сытан бар= начать ложиться; олорон бар= начать садиться; үлэлээн бар= начать работать; ытаан бар= заплакать; ааҕан бар= начать читать; киэһэрэн барда вечереет; 7) в сочет. с прич. на = быт в орудн. п. выражает ускоренность или поспешность начала действия: аһаабытынан барда он сразу начал есть; хаампытынан барда он сразу зашагал; 8) в сочет. с нареч. выражает резкость и внезапность действия: тиэрэ бар= опрокинуться на спину; умса бар= упасть ничком; быһа бар= лопнуть, внезапно порваться; хайа бар= треснуть, внезапно расколоться; көҥү бар= обрушиться, обвалиться, внезапно рухнуть; 9) в ф. деепр. на =ан выступает в роли союза с временным знач. после того, как...; баран баран, кэлэ илик после того, как он ушёл, он больше не приходил; этэн баран, өйдөөтүм я понял после того, как сказал; эрэннэрэн баран, албынныам суоҕа раз уж я обнадёжил, я не обману. -
11 билээҕимсий
выдавать себя за знатока, считать себя знатоком чего-л.; билбэт аата билээҕимсийэр он ничего не знает, но выдаёт себя за знатока. -
12 бордурҕаа
разд.-кратн. издавать отрывистые хриплые звуки; кыыһыран бордурҕаата рассердившись, он стал хрипло ругаться. -
13 борурҕаа
1) становиться неразборчивым (в еде); 2) привыкать к чему-л.; кини манна олорорун борурҕаата он здесь обжился. -
14 бука
модальное сл. 1) вероятно, наверно, наверное, очевидно; пожалуй; бука, кыайыахтара вероятно, они осилят, победят; эн, бука, алҕаһаатаҕыҥ ты, наверное, ошибся; 2) пожалуйста; бука эрэ көһүт пожалуйства, подожди; бука диэн пожалуйста, прошу; бука диэн мэниктээбэт буолаар прошу тебя, пожалуйста, не шали \# бука бары все до единого; мантан бука бары барбыттар отсюда ушли все до единого. -
15 буорту
буорту гын= испортить; сатаабат аата мотуору хасыпыма, буорту гыныаҥ раз не знаешь мотора, не копайся, а то испортишь; буорту буол= испортиться; буорту буолбут эт испорченное мясо. -
16 диэ
1) говорить; сказать; онуоха инньэ диэтэ на это он ответил так; инньэ диэмэ не говори так; туох диигин? что ты говоришь?; инньэ диэн баран или инньэ диэт сказав это, так сказавши, с этими словами; туох да диэ говори, что угодно (мне всё равно); ити туох диэтэҕэй? что он этим хочет сказать?; миигин бар диэҥ говорите мне "уходи" (так замешкавшийся путник напоминает остающимся, что ему давно пора ехать); хата инньэ диэ (вот) так и скажи; ол-бу диэбэккэ без лишних слов, без разговоров (делай что-л.); 2) считать, думать, полагать; сарсын барыам диибин я думаю ехать завтра; манна баттыам диэбитим я рассчитывал застать его здесь; бу сөп буолуо диибин думаю, что этого будет достаточно; барыам диэн маскын бараама погов. думая ехать, не сжигай всех дров (вдруг передумаешь ехать; т. е. нужно быть дальновидным и расчётливым); 3) называть, именовать; ытым ( аата) Харабыл диэн мою собаку зовут Страж; Уйбаан диэммин меня зовут Иван; туох диэн ( ааттаах) таҥаһый? как называется этот материал? \# диэбиккэ дылы а) как говорится, как говорят; буруй эрэ Моттойоҕо диэбиккэ дылы посл. как говорится, на бедного Макара все шишки валятся; б) и не говори! (выражение согласия); диэбит да баар ини как не сказать (об этом); диэбэт (или диэмэ, диэминэ) ( эрээр) даҕаны или диэ даҕаны, диэх да баар и не говори, ещё бы; вот именно, вот тото; олус ыарахан дуу? очень тяжело, да? - Диэбэт даҕаны! Ещё бы! -
17 дуорапый
1) раскатываться, отдаваться (о звуке); тыа баһа дуораһыйда в верхушках деревьев загудело; 2) перен. греметь; кини аата аан дойду үрдүнэн дуораһыйара его имя гремело по всему миру. -
18 дырдырҕаа
разд.-кратн. 1) потрескивать; атаҕым анныгар муус дырдыргыыр под ногами потрескивает ледок; 2) ощущать острое нервное раздражение в теле О куйахам дырдырҕаата у меня волосы шевелятся (напр. от страха). -
19 киртий
-
20 киэнэ
частица формообразующая, образует притяж. ф. имён, выражающую 1) принадлежность предмета кому-чему-л.: аҕам киэнэ принадлежащий моему отцу; киһи киэнигэр баҕарыма не желай принадлежащего человеку (т. е. не желай чужого); аата аҕатын киэнин курдук эмиэ Егор его имя, как и отца, тоже Егор; бэйэм киэнэ моё; бэйэҥ киэнэ твоё; бэйэбит киэнэ наше; кини киэнэ его; кинилэр киэннэрэ их, йхнее; 2) то, что предмет, о к-ром идёт речь, относится к определённой категории лиц, предметов, явлений: сибэкки киэнэ нарына нежнейший из цветов; соно оҕо киэнин курдук пальто его напоминает детское; саата булт киэнэ его ружьё охотничье.
Страницы
См. также в других словарях:
ААТА — Ассамблея Американо Турецких ассоциаций организация, Турция Источник: http://www.regnum.ru/expnews/277153.html … Словарь сокращений и аббревиатур