-
1 ол
I мест. указ. тот, та, то; ол дьиэҕэ киир войди в тот дом; ол хайа үрдүк та гора высока; ол диэки бар= идти, ехать в том направлении, в ту сторону; ол курдук вот так, таким образом; ол гэннэ а) после того, затем; далее; б) сверх того, кроме того, ещё; ол гэннэ тугу кэпсиигин? что ещё расскажешь?; ол да буоллар тем не менее, всё-таки, несмотря на то; ол гынан баран или ол эрээри всё же, однако; ол иһин поэтому, вследствие этого; ол иһин да! вот в чём дело!, вот оно что!; ол аата значит, следовательно; ол үрдүнэн сверх того, помимо того; онон тем; той; онон барыҥ поезжайте той (дорогой); ону а) того, то, ту; ону мин билбэппин того я не знаю; б) о том; об этом; сну истээт услышав об этом; ону ааһан кроме того, сверх того; онуоха(ҕа); на то, на это; онуоха кини этэр... на это он говорит...; онуоха туох баарый? что из того?; онуоха эбии к тому же \# ону баара не тут-то было; онуоха-маныаха диэри до поры до времени.II модальное сл. 1) усиливает выразительность высказываемого: ол туохтан куттанныгыт? а чего это вы испугались?; ол эйигиттэн ыйытыам дуо? а что, тебя буду спрашивать, да?; 2) с гл. предположительного накл. выражает итог, заключение высказываемого так и...; бардаҕа ол так и ушёл... \# ол аата а) значит, следовательно, стало быть, таким образом, выходит; ол аата, дьэлликтииргин бырахтыҥ дуо? значит, ты бросил бродяжничать?; б) то есть, значит; ол аата, төһө буоларый? то есть, сколько будет?; ол буолан (или гынан) баран но, однако; ол буолан баран, бу хартыына олус табыллыбыт однако эта картина очень удалась; ол гынан баран, ким да кэлбэтэҕэ однако никто не приходил; ол да буоллар несмотря на это, однако, всё-таки; ол да буоллар, быйыл оҕуруот аһа лаппа үчүгэй буолар буолла несмотря на это, обещается хороший урожай овощей; ол иһин вот то-то; конечно; ол иһин, эн төннөн кэлиэхтээх этиҥ вот тото, ты должен был вернуться; чэ, ол иһин, сэрэйбит сэрэх ну конечно, так и предполагали; ол иһин даа вот в чём дело; ясно, в чём дело; ол иһин даа, оттон мин сэрэйбэт да этим вот в чём дело, а я и не догадывался; ол курдук а) итак, таким образом, вот так; ол курдук, бу мас дьиэ ордубут таким образом, этот деревянный дом остался целым; б) например, к примеру; ол курдук, бу порка саҥа үс кран туруорулунна в этом порту, например, установлено три крана; ол эрээри но, однако, тем не менее; халлаан былыттаах, ол эрээри ичигэс пасмурно, но тепло; онон буоллаҕына следовательно, значит, стало быть; онон буоллаҕына, кини миэхэ суруйар суруга барыта сымыйа эбит следовательно, всё, что он пишет мне, оказывается неправдой; онон бүтэр вот и всё, и всё; бүгүн барабын, онон бүтэр! сегодня еду - и всё!; онто суох а) и так (уж), и без того; онто да суох биһиэхэ ыарахан и без того нам тяжело; б) действительно, (и) в самом деле; конечно; ээ, онто суох, оннук, действительно, так оно и есть; онто суох, үөрүөхтэрин үөрэллэр! конечно, как им не радоваться!; ону ааһан более того; не только..., но и...; ыллыыр, ону ааһан үҥкүүлүүр она не только поёт, но и танцует.