-
1 суох
1. 1) нет (отрицание); суох, бүгүн кэлбэппин нет, сегодня я не приду; 2) частица нет, не имеется; отсутствует; суох баар икки ардынан ни да ни нет; өйгө да суох и в помине нет; и в уме не было; суох гын= свести на нет; суох буол= а) сойти на нет; б) эвф. умереть, скончаться; суох аата соҕотох нет так нет; куһаҕан үчүгэйэ суох буолбат посл. нет худа без добра; куһаҕана суох неплохой; бэрдэ суох неважный; сириксэнэ суох неразборчивый; элэккэиэ суох угрюмый, необщительный; 3) частица, образует отриц. ф. имени обладания на =лаах не имеющий, не обладающий; без=: атаҕа суох безногий; хромой; илиитэ суох безрукий; тыла суох немой; глухонемой; хараҕа суох слепой; безглазый; 4) образует отриц. ф. гл.: барыа суох он не пойдёт; бүтэриэхтэрэ суох они не закончат; эйиэхэ биэрэрим суох я тебе не должен; 2. в знач. сущ. отсутствие, неимение, отсутствующее, несуществующее; суоҕу суоруоҥ дуо см. суор= \# онто (да) суох выражает согласие с собеседником, одобрение его слов и так, без того уже; в самом деле, действительно; онто да суох ыалдьан нэһиилэ сылдьабын и без того я болен и едва хожу; эчи (или эчикийэ) суох нет, нет (усиленное отрицание, употр. обычно в диалоге); саас кустуугун дуо? - Эчикийэ суох! поедешь весной охотиться на уток?-Нет, нет (что ты)! -
2 ол
I мест. указ. тот, та, то; ол дьиэҕэ киир войди в тот дом; ол хайа үрдүк та гора высока; ол диэки бар= идти, ехать в том направлении, в ту сторону; ол курдук вот так, таким образом; ол гэннэ а) после того, затем; далее; б) сверх того, кроме того, ещё; ол гэннэ тугу кэпсиигин? что ещё расскажешь?; ол да буоллар тем не менее, всё-таки, несмотря на то; ол гынан баран или ол эрээри всё же, однако; ол иһин поэтому, вследствие этого; ол иһин да! вот в чём дело!, вот оно что!; ол аата значит, следовательно; ол үрдүнэн сверх того, помимо того; онон тем; той; онон барыҥ поезжайте той (дорогой); ону а) того, то, ту; ону мин билбэппин того я не знаю; б) о том; об этом; сну истээт услышав об этом; ону ааһан кроме того, сверх того; онуоха(ҕа); на то, на это; онуоха кини этэр... на это он говорит...; онуоха туох баарый? что из того?; онуоха эбии к тому же \# ону баара не тут-то было; онуоха-маныаха диэри до поры до времени.II модальное сл. 1) усиливает выразительность высказываемого: ол туохтан куттанныгыт? а чего это вы испугались?; ол эйигиттэн ыйытыам дуо? а что, тебя буду спрашивать, да?; 2) с гл. предположительного накл. выражает итог, заключение высказываемого так и...; бардаҕа ол так и ушёл... \# ол аата а) значит, следовательно, стало быть, таким образом, выходит; ол аата, дьэлликтииргин бырахтыҥ дуо? значит, ты бросил бродяжничать?; б) то есть, значит; ол аата, төһө буоларый? то есть, сколько будет?; ол буолан (или гынан) баран но, однако; ол буолан баран, бу хартыына олус табыллыбыт однако эта картина очень удалась; ол гынан баран, ким да кэлбэтэҕэ однако никто не приходил; ол да буоллар несмотря на это, однако, всё-таки; ол да буоллар, быйыл оҕуруот аһа лаппа үчүгэй буолар буолла несмотря на это, обещается хороший урожай овощей; ол иһин вот то-то; конечно; ол иһин, эн төннөн кэлиэхтээх этиҥ вот тото, ты должен был вернуться; чэ, ол иһин, сэрэйбит сэрэх ну конечно, так и предполагали; ол иһин даа вот в чём дело; ясно, в чём дело; ол иһин даа, оттон мин сэрэйбэт да этим вот в чём дело, а я и не догадывался; ол курдук а) итак, таким образом, вот так; ол курдук, бу мас дьиэ ордубут таким образом, этот деревянный дом остался целым; б) например, к примеру; ол курдук, бу порка саҥа үс кран туруорулунна в этом порту, например, установлено три крана; ол эрээри но, однако, тем не менее; халлаан былыттаах, ол эрээри ичигэс пасмурно, но тепло; онон буоллаҕына следовательно, значит, стало быть; онон буоллаҕына, кини миэхэ суруйар суруга барыта сымыйа эбит следовательно, всё, что он пишет мне, оказывается неправдой; онон бүтэр вот и всё, и всё; бүгүн барабын, онон бүтэр! сегодня еду - и всё!; онто суох а) и так (уж), и без того; онто да суох биһиэхэ ыарахан и без того нам тяжело; б) действительно, (и) в самом деле; конечно; ээ, онто суох, оннук, действительно, так оно и есть; онто суох, үөрүөхтэрин үөрэллэр! конечно, как им не радоваться!; ону ааһан более того; не только..., но и...; ыллыыр, ону ааһан үҥкүүлүүр она не только поёт, но и танцует. -
3 да
1. частица 1) усил. какой, какая, какое, как; кэрэ да кыыс! какая красивая девушка!; күндү да мал! какая дорогая вещь!; бэркэ да ытар! как он замечательно стреляет!; 2) усил. употр. обычно со сл. биир, биирдэ ни; ни... ни...; биир да киһи суох ни одного человека нет; биирдэ да суруйбатах он ни разу не написал; киһи да сүөһү да көстүбэт не видно ни человека, ни скотины; 3) усил. употр. для усил. знач. нек-рых модальных сл., межд. и междометных выражений и, а; кырдьык да, туоһу суох а правда, свидетеля нет; дьиҥинэн да, оннук буолбатах и в самом деле, не так; онто да суох, сылайдым! я и так устал!; тыый да, тугуй бу? ой, что это такое?; өлүү да буолар эбит! ох, какая беда!; 4) усил. и, даже, даже и; сүүс да киһи кыайыа суоҕа даже сто человек не осилят; ону хараҕа да суох киһи билиэ это заметит даже слепой; соҕотоҕун да үлэлиэ он и один будет работать; бэйэтэ да билбэт он и сам не знает; 5) усил. и, также, тоже; мин да билэр этим я тоже знал; тииҥ да элбэх и белок много; 6) усил. хоть, хотя; бүтүннүү да ылыҥ хоть всё берите; кыратык да үлэлээ работай хоть немножко; 7) выделит, редко -то; ведь; да ведь; күн да уһун, бүтэриллиэ день-то длинный, закончу; 8) словообразующая, образует отриц. и неопр. мест, от вопр., а также нек-рые сочет. с союзным, модальным и др. знач.: ким да никто; кимиэнэ да ничей; туох да а) ничто; ничего; никто; б) никакой; туох да диэбэтэ он ничего не сказал; туох да мэһэйэ суох без всякого препятствия; хайалара да любой из них; хайа да никакой; какой бы то ни было, любой; хайа да киһи кыайбат (кыайыа суох) никакой человек не осилит; хайдах да а) никак; б) никакой; любой; хайдах да өйдөөбөт он никак не поймёт; хас да несколько; хаста да несколько раз; хайата да любой из этих; хаһан да а) никогда; хаһан да оннук суоҕа никогда такого не было; б) всегда; как всегда; хаһан да оннук буолааччы всегда так бывает; ханна да нигде; хантан да ниоткуда; төһө да а) нисколько; төһөнү да биэрбэтэ нисколько не дал; б) как бы ни...; төһө да кыһаннар как бы ни старался; хайаан да непременно, во что бы то ни стало; хайаатар да а) во что бы то ни стало; б) как-никак; ол да иһин так и ожидалось; ол иһин да тото, тото же; так и должно быть; кэм да всё-таки, как всегда; ханныгын да иһин как-никак; ол да буоллар но, однако; оннугун оннук да так-то оно так; хотя оно и так; таах да всё же; дэлэҕэ да недаром; 9) усил. при повторяющихся словах придаёт знач. самой высокой степени качества, признака или указывает на множество предметов очень-очень; слишком; пре=; кытаанах да кытаанах твёрдый-претвёрдый; күүскэ да күүскэ оҕуста он ударил очень-очень сильно; лискийэн кус да кус! такая здоровенная утка!; хайгыыр да хайгыыр слишком хвалит; хвалит-не нахвалится; күөлгэ кус да кус на озере масса уток; 2. союз. 1) соед. образует сочет., близкие к парным словам и, да; бырыы да бадараан грязь да болото, сплошная грязь; күннэтэ тыал да хаар каждый день ветер да снег, каждый день непогода; 2) соед. употр. при обозначении действий, следующих друг за другом моментально или неожиданно и, да; киэр хайыста да ытаан барда он отвернулся и заплакал; ылла да ууга бырахта он взял да в воду и бросил; 3) перечисл. и, да; оҕо да улахан да и стар и млад; и взрослые и дети; мин да, эн да и ты и я; билигин да, кэнэҕэс да и сейчас и в будущем; биһиэхэ улахан да, кыра да өрүстэр элбэхтэр у нас много и больших и малых рек; 4) временной, указывает на то, что действие главного предлож. совершается сразу же после действия придат. предлож. как только; аан аһылынна да кыыс киирдэ как только открылась дверь, вошла девушка; 5) усл. если; раз; соруйдулар да, үлэлиэх тустаахпыт раз поручили, то мы должны работать; 6) уступ, хотя, хоть; бүгүн барарга быһаарыммыппыт да, саараатыбыт хотя мы решили уехать сегодня, но передумали; 7) противит. но, а, однако; тем не менее; бэҕэһээ аахпытын өйдүү сатаата да, барытын умнан кэбиспит он силился вспомнить прочитанное вчера, но не мог.