-
1 киирбиччэ
нареч. раз уж вошёл, зашёл; дьиэҕэ киирбиччэ иттиэххэ раз уж вошёл в дом, надо погреться \# айахха киирбиччэ сангар= говорить опрометчиво. -
2 айах
("й" носовой) 1) отверстие, вход; проход; бүтэй айаҕа проём в изгороди (для проезда); үөлэс айаҕа отверстие дымовой трубы (якутского камелька); 2) рот, уста; киһи айаҕын саба туппаккын посл. людям рта не зажмёшь (соотв. на людской роток не накинешь платок); киһи айаҕыттан тахсыбыт буолан баран, иһиллибэт буолбат посл. раз вышло из уст человека, то не может не быть услышанным; 3) прокорм, содержание; ыйдааҕы айаҕа его месячное содержание; айах тарҕат= уст. находиться временно на содержании у кого-л.; ынах үүтэ айаҕар посл. молоко коровы в её корме; 4) уст. самый большой кубок для кумыса \# айаҕа кытарар (или хараарар, оҥойор) а) он много говорит; б) он решительно отказывается; айаҕар ас киирбэт буолбут ему кусок в горло не идёт (так м убит горем); айаҕа хайдыаҕынан очень громко, во весь голос; айах адаҕата см. адаҕа 2; айах тут= фольк. угощать, потчевать; айахха астар= (или бэрдэр=) замолчать (будучи побеждённым в споре); айахха киирбиччэ невпопад, необдуманно (говорить); айах ыла аҕа чуть-чуть (по)старше; кини миигиттэн айах ыла аҕа он чуть-чуть старше меня. -
3 өй
1) ум, разум, рассудок || умственный; сытыы өй острый, проницательный ум; өй хаата умница; чычаас өй недалёкий ум; чиҥ өй цепкий ум; киитэрэй өй хитрый ум; кылгас өй короткий, недалёкий ум; оҕуруктаах өй глубокий ум; тииҥ өйө изворотливый, гибкий ум; сахалыы өй природный ум; өһөгөйдөөх өй злобный, мстительный ум; өй үлэтэ умственная работа; илэ өйүнэн в здравом уме; өй күүһэ сила ума; өй бэрт ирон. от избытка ума; оннук өй суох такого и в мыслях нет; өйө өйүнэн в здравом уме и твёрдой памяти (обычно о тяжелобольных); өйүн тута илик он незрел умом; өйтөн өлүү (или мүҥнаныы) горе от ума; өй аҥардаах полоумный; өйүнэн мөлтөх слабоумный; өйүнэн ыалдьар у него умственное расстройство; өйө өһүлүннэ он слаб умом (от старости, болезни); өйүм хоппот а) это уму непостижимо; б) ума не приложу; өй тиийбэт ума не хватает; өй сүрэх икки мөккүөрэ спор ума и сердца; спор между чувством и рассудком; өйө барбат он упустил из виду что-л. (букв. его ум не идёт в этом направлении); өйгө сүоттаа= решать в уме; считать в уме; өйө хамсаата рассудок его помутился; өйүн сүтэрбит а) он потерял сознание; б) он лишился рассудка; өй былдьас= считать себя умнее кого-л.; өйө сынньылынна он отупел, перестал соображать (от усталости, шума); у него ум за разум зашёл; өйүн ыһыктыбыт а) он потерял сознание, рассудок (о больном); б) он впал в детство (о дряхлых стариках); өйүттэн таҕыста а) он потерял рассудок; б) перен. он потерял самообладание; өй киирдэ а) он набрался ума, он поумнел; б) ему пришла мысль; өйүн туппут а) он взялся за ум; б) он созрел умственно; өйүгэр көтөн түстэ его вдруг осенила мысль; ему вдруг пришло на ум; өйө мастыйбыт разг. ум его потерял гибкость (вследствие старости); өйгө киирбиччэ пришло в голову, взбрело в голову; көтөр өҥүнэн, киһи өйүнэн посл. птица своей окраской, человек своим умом (славятся); 2) память; арай ол түбэлтэ өйбөр хаалбыт только тот случай остался в моей памяти; өйгө хатаа= запечатлеть в памяти; өйө бааллар у него провал памяти; өйө сытыйбыт разг. у него дырявая память; өйбүттэн көтөн хаалла вылетело из ума; из ума вон, из памяти вон; өйгө да суох (или суоҕа) а) он совершенно забыл, запамятовал; б) он об этом даже не думал \# өй биэр= (или ук=) а) надоумить, подать мысль; б) напомнить; өйтөн ааҕыы чтение наизусть; өйтөн этии а) чтение наизусть; б) выдумки; киһи өйүгэр түһэр понятный, ясный; өйүн сүүйтэрбит (это) вскружило ему голову.