-
1 өй
1) ум, разум, рассудок || умственный; сытыы өй острый, проницательный ум; өй хаата умница; чычаас өй недалёкий ум; чиҥ өй цепкий ум; киитэрэй өй хитрый ум; кылгас өй короткий, недалёкий ум; оҕуруктаах өй глубокий ум; тииҥ өйө изворотливый, гибкий ум; сахалыы өй природный ум; өһөгөйдөөх өй злобный, мстительный ум; өй үлэтэ умственная работа; илэ өйүнэн в здравом уме; өй күүһэ сила ума; өй бэрт ирон. от избытка ума; оннук өй суох такого и в мыслях нет; өйө өйүнэн в здравом уме и твёрдой памяти (обычно о тяжелобольных); өйүн тута илик он незрел умом; өйтөн өлүү (или мүҥнаныы) горе от ума; өй аҥардаах полоумный; өйүнэн мөлтөх слабоумный; өйүнэн ыалдьар у него умственное расстройство; өйө өһүлүннэ он слаб умом (от старости, болезни); өйүм хоппот а) это уму непостижимо; б) ума не приложу; өй тиийбэт ума не хватает; өй сүрэх икки мөккүөрэ спор ума и сердца; спор между чувством и рассудком; өйө барбат он упустил из виду что-л. (букв. его ум не идёт в этом направлении); өйгө сүоттаа= решать в уме; считать в уме; өйө хамсаата рассудок его помутился; өйүн сүтэрбит а) он потерял сознание; б) он лишился рассудка; өй былдьас= считать себя умнее кого-л.; өйө сынньылынна он отупел, перестал соображать (от усталости, шума); у него ум за разум зашёл; өйүн ыһыктыбыт а) он потерял сознание, рассудок (о больном); б) он впал в детство (о дряхлых стариках); өйүттэн таҕыста а) он потерял рассудок; б) перен. он потерял самообладание; өй киирдэ а) он набрался ума, он поумнел; б) ему пришла мысль; өйүн туппут а) он взялся за ум; б) он созрел умственно; өйүгэр көтөн түстэ его вдруг осенила мысль; ему вдруг пришло на ум; өйө мастыйбыт разг. ум его потерял гибкость (вследствие старости); өйгө киирбиччэ пришло в голову, взбрело в голову; көтөр өҥүнэн, киһи өйүнэн посл. птица своей окраской, человек своим умом (славятся); 2) память; арай ол түбэлтэ өйбөр хаалбыт только тот случай остался в моей памяти; өйгө хатаа= запечатлеть в памяти; өйө бааллар у него провал памяти; өйө сытыйбыт разг. у него дырявая память; өйбүттэн көтөн хаалла вылетело из ума; из ума вон, из памяти вон; өйгө да суох (или суоҕа) а) он совершенно забыл, запамятовал; б) он об этом даже не думал \# өй биэр= (или ук=) а) надоумить, подать мысль; б) напомнить; өйтөн ааҕыы чтение наизусть; өйтөн этии а) чтение наизусть; б) выдумки; киһи өйүгэр түһэр понятный, ясный; өйүн сүүйтэрбит (это) вскружило ему голову. -
2 төбө
1) голова || головной; төбө оройо темя; макушка; төбө уҥуоҕа череп; төбө сыгынньах с непокрытой головой, без головного убора; төбөм ыалдьар у меня болит голова; төбө ыарыыта головная боль; төбөтүттэн имэрий= а) гладить по голове; б) неодобр, потакать; төбөтүн тарбанна он почесал в голове (в затруднении, замешательстве); төбөтүн (или төбөтүнэн) оройунан көрбүт (или харахтаах) погов. с глазами на темени (о буйном шалуне; о верхогляде, вертопрахе); 2) верхушка, макушка, вершина; мас төбөтө верхушка дерева; от төбөтө а) верхушка травы; б) цветок; хайа төбөтө вершина горы; бурдук төбөтө колос; 3) конец, кончик; кымньыы төбөтө конец плётки; кынат төбөтө конец крыла; мурун төбөтө кончик носа.