-
1 тут
I 1) держать; браться, хватать; илиигэр тут= держать в руках; ыга тут= держать крепко; икки киһи тымтык тутар загадка два человека лучину держат (ыт харахтара глаза собаки); 2) ловить; поймать; хватать; атта тут= поймать коня; ыт куобаҕы туппут собака схватила зайца; 3) удерживать, задерживать, останавливать кого-либо; айан киһитин тутума не задерживай путника; 4) перен. держать, содержать кого-что-л.; вести что-л., управлять чем-либо; ынахта тут= содержать коров; бэрэбиэһи тут= держать перевоз; хаһаайыстыбаны тут= управлять хозяйством \# айах тут= преподносить угощение, угощать; күлүккэр тут= прятать, скрывать что-л. (от людей); өйгөр тут= запомнить; өйүн туппут зрелый (о человеке); санааҕар тут= чувствовать себя обиженным; сүрэҕин тут= покорить чьё-л. сердце; сүрэххэр тут= принять (близко) к сердцу; тэһииннэ тут= радушно встречать гостя (букв. держать за повод); уҥуоҕун тут= а) хоронить; б) разг. ломать, разбивать что-л. (напр. посуду при небрежном обращении); эт тут= взрослеть, достигать полной физической зрелости (обычно о девушке).II 1) строить; дьиэтэ тут= построить дом; 2) перен. строить, создавать, созидать; саҥа олоҕу тут= строить новую жизнь; 3) мат. построить; эргимтэтэ тут= построить окружность; квадратта тут= вычертить квадрат. -
2 алаһа
уст. 1. родной, обжитой; алаһа дьиэ родной дом, родной очаг; 2. усадьба; ол дьиэ туппут алаһаҕар на той усадьбе, где ты построил дом. -
3 даллаччы
нареч. широко (простирать, раскидывать крылья, руки); икки илиитин даллаччы туппут он широко раскинул руки. -
4 наар
1. 1) всё время, постоянно; всегда; кини наар хойутаан турар он всегда встаёт поздно; тустууга бүгүн наар кини эрэ кыайталаата сегодня в борьбе только он один побеждал (всех); 2) чрезмерно, слишком, чересчур; наар табахтаама, доруобуйаҕын буортулуоҥ слишком много не кури, испортишь здоровье; наар ( аанньа) буолан истэхпит на нас обрушилось одно несчастье за другим; 2. одинаковый, подобный; илимҥэ наар кыра балык туппут рыба попалась в сети сплошь мелкая \# өтөр наар в скором времени; в ближайшее время; өтөр наар көрсүһэрбит биллибэт в ближайшее время мы, наверно, не увидимся. -
5 өй
1) ум, разум, рассудок || умственный; сытыы өй острый, проницательный ум; өй хаата умница; чычаас өй недалёкий ум; чиҥ өй цепкий ум; киитэрэй өй хитрый ум; кылгас өй короткий, недалёкий ум; оҕуруктаах өй глубокий ум; тииҥ өйө изворотливый, гибкий ум; сахалыы өй природный ум; өһөгөйдөөх өй злобный, мстительный ум; өй үлэтэ умственная работа; илэ өйүнэн в здравом уме; өй күүһэ сила ума; өй бэрт ирон. от избытка ума; оннук өй суох такого и в мыслях нет; өйө өйүнэн в здравом уме и твёрдой памяти (обычно о тяжелобольных); өйүн тута илик он незрел умом; өйтөн өлүү (или мүҥнаныы) горе от ума; өй аҥардаах полоумный; өйүнэн мөлтөх слабоумный; өйүнэн ыалдьар у него умственное расстройство; өйө өһүлүннэ он слаб умом (от старости, болезни); өйүм хоппот а) это уму непостижимо; б) ума не приложу; өй тиийбэт ума не хватает; өй сүрэх икки мөккүөрэ спор ума и сердца; спор между чувством и рассудком; өйө барбат он упустил из виду что-л. (букв. его ум не идёт в этом направлении); өйгө сүоттаа= решать в уме; считать в уме; өйө хамсаата рассудок его помутился; өйүн сүтэрбит а) он потерял сознание; б) он лишился рассудка; өй былдьас= считать себя умнее кого-л.; өйө сынньылынна он отупел, перестал соображать (от усталости, шума); у него ум за разум зашёл; өйүн ыһыктыбыт а) он потерял сознание, рассудок (о больном); б) он впал в детство (о дряхлых стариках); өйүттэн таҕыста а) он потерял рассудок; б) перен. он потерял самообладание; өй киирдэ а) он набрался ума, он поумнел; б) ему пришла мысль; өйүн туппут а) он взялся за ум; б) он созрел умственно; өйүгэр көтөн түстэ его вдруг осенила мысль; ему вдруг пришло на ум; өйө мастыйбыт разг. ум его потерял гибкость (вследствие старости); өйгө киирбиччэ пришло в голову, взбрело в голову; көтөр өҥүнэн, киһи өйүнэн посл. птица своей окраской, человек своим умом (славятся); 2) память; арай ол түбэлтэ өйбөр хаалбыт только тот случай остался в моей памяти; өйгө хатаа= запечатлеть в памяти; өйө бааллар у него провал памяти; өйө сытыйбыт разг. у него дырявая память; өйбүттэн көтөн хаалла вылетело из ума; из ума вон, из памяти вон; өйгө да суох (или суоҕа) а) он совершенно забыл, запамятовал; б) он об этом даже не думал \# өй биэр= (или ук=) а) надоумить, подать мысль; б) напомнить; өйтөн ааҕыы чтение наизусть; өйтөн этии а) чтение наизусть; б) выдумки; киһи өйүгэр түһэр понятный, ясный; өйүн сүүйтэрбит (это) вскружило ему голову. -
6 уот
1) огонь, пламя; оһоххо уот умайар в печи горит огонь; уокка олорт= ставить на огонь (для варки); уокка бус= обжигаться огнём; уокка умай= гореть в огне; уотунан оонньоомо прям., перен. не играй с огнём; уот онно кострище; уот уйата центр огня в камельке; уот эттэ огонь сказал (по народному поверью, если что-л. задумать или предположить, а в это время в огне послышится треск, то задуманное не сбудется); уокка бырахтахха кэҥсик тахсыбат (киһитэ) а) опустившийся (человек); б) ни к чему не пригодный (человек) (букв. если бросить в огонь, то и горелым не запахнет-формула самоуничижения); 2) свет, освещение; күн уота солнечный свет; электричество уота электрический свет; уулусса уоттара уличное освещение; уоту ас= а) включать свет; б) открывать огонь, начинать стрелять; уоту умуруор= выключать свет, гасить свет \# күн уота сиэбит он загорел на солнце; (кутаалаах) уокка олорт= ругать, бранить кого-л.; не давать покоя кому-л.; уот ааныттан с самого начала; уот ааныттан аккаастаа= отказать в чём-л. с самого начала; уот айах острослов, бойкий на язык; уот иччитэ уст. дух - покровитель домашнего очага; уот иччитин курдук өһүргэс погов. обидчив, как дух домашнего очага (об очень обидчивом человеке); уот кугас огненно-рыжий; уот кураан сильная засуха; уот курдук орто вполне удовлетворительный; вполне приличный, достаточно хороший; уот өттө передняя сторона (напр. кровати); уот салаабытын курдук хоть шаром покати; уот тымныы лютый мороз; уоту туппут курдук мечущийся в спешке; уоту тутар кэриэтэ очень опасное или нежелательное предприятие, занятие; уот ыла кэлбит кэриэтэ= прийти за чем-л. в большой спешке (букв. всё равно, что прийти за огнём); уот ыстанарын (или ыстаммытын) курдук вдруг, неожиданно, внезапно; уотта тут= освещать (напр. лучиной, свечой); уот харахха (эт=) в самый раз, точно (сказать); уоту көрөн олоробут или уот диэки көрбөт буолан олоробут у нас кончились продукты; варить нам стало нечего (букв. мы уже (больше) не смотрим на огонь); уотун умуруор= подавлять чью-л. инициативу, чей-л. энтузиазм (букв. погасить чьё-л. пламя); харах уота а) острота зрения; б) блеск в глазах; в) пронизывающий взгляд.————————