-
1 киир
1) входить, заходить; въезжать, заезжать; проникать куда-л.; дьиэҕэ киир= войти в дом; куоракка киир= въехать в город; көтөн киир= влететь; сүүрэн киир= вбежать; ойон киир= вскочить куда-л.; илиибэр мас киирдэ в руку мне попала заноза, я занозил руку; таас истиэнэҕэ тоһоҕо киирбэт в каменную стену гвоздь не входит; тобулу киир= воткнуться; дьөлө киир= вонзиться; быһа киир= врезаться; быа илиибин быһа киирдэ ремень врезался мне в руку; 2) вмещаться, умещаться, размещаться; манна сүүс ынах киирэр здесь размещается сто коров; уон литр киирэр иһитэ сосуд, вмещающий десять литров; 3) вступать; поступать; включаться; үлэҕэ киир= поступить на работу; союзка киир= вступить в союз; куоталаһыыга киир= включиться в соревнование; 4) приступать, начинать; окко киир= начать сенокос; ыһыыга киир= приступить к севу; 5) доходить до какого-л. состояния, положения; кыһалҕаҕа киир= впасть в нужду; албыҥҥа киир= попасться на удочку, быть обманутым \# балаҕаҥҥа киирэр ыйуст. сентябрь; күн киирэр солнце заходит; тахсан киир= сходить в туалет, в уборную. -
2 абааһы
1. 1) миф., фольк. злой дух, злое начало; всё вредное и враждебное человеку; абааһы сирэ страна злых духов, враждебных существ; абааһы бухатыыра богатырь из враждебного мира; тарбыйах абааһыта злой дух, губящий телят; өтөх абааһыта дух места, где раньше проживали люди; абааһы кыыһа дева тьмы; абааһыны абааһы сиэбэт посл. чёрт чёрта не съест (соотв. ворон ворону глаз не выклюет); абааһы аһаабыт сириттэн арахпат погов. чёрт не отходит от того места, где ему раз удалось поживиться; үтүө ырыаһыты кытары абааһы кытта ыллаһар посл. с хорошим певцом и злой дух состязается в пении; 2) урод, чудовище || уродливый, чудовищный; абааһы торбос телёнок-урод; үтүө биэттэн абааһы кулун төрөөбүтүгэр дылы погов. словно от доброй кобылы родился уродливый жеребёнок (соотв. в семье не без урода); 3) бран., шутл. чёрт, дьявол; бар киэр буол, абааһы! уйди прочь, дьявол!; бу абааһыны көр эрэ! смотри-ка на этого чёрта! (с оттенком восхищения); 2. скверный, негодный, дрянной; абааһы киһи скверный человек; абааһы сүгэ дрянной топор; абааһы буол= стать плохим, негодным \# абааһы илимэ бот. княжик, дикий хмель; абааһы тайаҕа бот. дудник, борщевик; абааһы үрүмэччитэ летучая мышь; абааһы көр= не любить; ненавидеть; абааһыта киирдэ он взбесился; абааһытынан тыынар он сердится, ругается; он ничего не хочет слушать. -
3 да
1. частица 1) усил. какой, какая, какое, как; кэрэ да кыыс! какая красивая девушка!; күндү да мал! какая дорогая вещь!; бэркэ да ытар! как он замечательно стреляет!; 2) усил. употр. обычно со сл. биир, биирдэ ни; ни... ни...; биир да киһи суох ни одного человека нет; биирдэ да суруйбатах он ни разу не написал; киһи да сүөһү да көстүбэт не видно ни человека, ни скотины; 3) усил. употр. для усил. знач. нек-рых модальных сл., межд. и междометных выражений и, а; кырдьык да, туоһу суох а правда, свидетеля нет; дьиҥинэн да, оннук буолбатах и в самом деле, не так; онто да суох, сылайдым! я и так устал!; тыый да, тугуй бу? ой, что это такое?; өлүү да буолар эбит! ох, какая беда!; 4) усил. и, даже, даже и; сүүс да киһи кыайыа суоҕа даже сто человек не осилят; ону хараҕа да суох киһи билиэ это заметит даже слепой; соҕотоҕун да үлэлиэ он и один будет работать; бэйэтэ да билбэт он и сам не знает; 5) усил. и, также, тоже; мин да билэр этим я тоже знал; тииҥ да элбэх и белок много; 6) усил. хоть, хотя; бүтүннүү да ылыҥ хоть всё берите; кыратык да үлэлээ работай хоть немножко; 7) выделит, редко -то; ведь; да ведь; күн да уһун, бүтэриллиэ день-то длинный, закончу; 8) словообразующая, образует отриц. и неопр. мест, от вопр., а также нек-рые сочет. с союзным, модальным и др. знач.: ким да никто; кимиэнэ да ничей; туох да а) ничто; ничего; никто; б) никакой; туох да диэбэтэ он ничего не сказал; туох да мэһэйэ суох без всякого препятствия; хайалара да любой из них; хайа да никакой; какой бы то ни было, любой; хайа да киһи кыайбат (кыайыа суох) никакой человек не осилит; хайдах да а) никак; б) никакой; любой; хайдах да өйдөөбөт он никак не поймёт; хас да несколько; хаста да несколько раз; хайата да любой из этих; хаһан да а) никогда; хаһан да оннук суоҕа никогда такого не было; б) всегда; как всегда; хаһан да оннук буолааччы всегда так бывает; ханна да нигде; хантан да ниоткуда; төһө да а) нисколько; төһөнү да биэрбэтэ нисколько не дал; б) как бы ни...; төһө да кыһаннар как бы ни старался; хайаан да непременно, во что бы то ни стало; хайаатар да а) во что бы то ни стало; б) как-никак; ол да иһин так и ожидалось; ол иһин да тото, тото же; так и должно быть; кэм да всё-таки, как всегда; ханныгын да иһин как-никак; ол да буоллар но, однако; оннугун оннук да так-то оно так; хотя оно и так; таах да всё же; дэлэҕэ да недаром; 9) усил. при повторяющихся словах придаёт знач. самой высокой степени качества, признака или указывает на множество предметов очень-очень; слишком; пре=; кытаанах да кытаанах твёрдый-претвёрдый; күүскэ да күүскэ оҕуста он ударил очень-очень сильно; лискийэн кус да кус! такая здоровенная утка!; хайгыыр да хайгыыр слишком хвалит; хвалит-не нахвалится; күөлгэ кус да кус на озере масса уток; 2. союз. 1) соед. образует сочет., близкие к парным словам и, да; бырыы да бадараан грязь да болото, сплошная грязь; күннэтэ тыал да хаар каждый день ветер да снег, каждый день непогода; 2) соед. употр. при обозначении действий, следующих друг за другом моментально или неожиданно и, да; киэр хайыста да ытаан барда он отвернулся и заплакал; ылла да ууга бырахта он взял да в воду и бросил; 3) перечисл. и, да; оҕо да улахан да и стар и млад; и взрослые и дети; мин да, эн да и ты и я; билигин да, кэнэҕэс да и сейчас и в будущем; биһиэхэ улахан да, кыра да өрүстэр элбэхтэр у нас много и больших и малых рек; 4) временной, указывает на то, что действие главного предлож. совершается сразу же после действия придат. предлож. как только; аан аһылынна да кыыс киирдэ как только открылась дверь, вошла девушка; 5) усл. если; раз; соруйдулар да, үлэлиэх тустаахпыт раз поручили, то мы должны работать; 6) уступ, хотя, хоть; бүгүн барарга быһаарыммыппыт да, саараатыбыт хотя мы решили уехать сегодня, но передумали; 7) противит. но, а, однако; тем не менее; бэҕэһээ аахпытын өйдүү сатаата да, барытын умнан кэбиспит он силился вспомнить прочитанное вчера, но не мог. -
4 күрэх
I 1) азарт, задор; күрэҕэ киирдэ он вошёл в азарт; 2) состязание, соревнование.II гонка, загон; куобах күрэҕэ охота на зайцев путём загона; балык күрэҕэ ловля рыбы путём загона (в сети). -
5 кэнниттэн
1. послелог, упр. осн. п. после; за, вслед за; сэрии кэнниттэн а) после войны; б) после боя; бэрэбиэркэ кэнниттэн после проверки; кини кэнниттэн уол киирдэ за ним вошёл парень; ол кэнниттэн после этого; после того; 2. в роли союза после того, как...; ичигзс ардах кэнниттэн сир көҕөрдө после того, как прошёл тёплый дождь, земля зазеленела. -
6 ночоот
убыток; убытки; кини ночоокко киирдэ он потерпел убыток. -
7 ньохой
образн. 1) горбиться и втягивать голову в плечи (о низкорослом человеке); ньохойон киирдэ он вошёл, сгорбившись и втянув голову в плечи; ср. ньыхай=; 2) низко приседать, опускаться на корточки. -
8 өй
1) ум, разум, рассудок || умственный; сытыы өй острый, проницательный ум; өй хаата умница; чычаас өй недалёкий ум; чиҥ өй цепкий ум; киитэрэй өй хитрый ум; кылгас өй короткий, недалёкий ум; оҕуруктаах өй глубокий ум; тииҥ өйө изворотливый, гибкий ум; сахалыы өй природный ум; өһөгөйдөөх өй злобный, мстительный ум; өй үлэтэ умственная работа; илэ өйүнэн в здравом уме; өй күүһэ сила ума; өй бэрт ирон. от избытка ума; оннук өй суох такого и в мыслях нет; өйө өйүнэн в здравом уме и твёрдой памяти (обычно о тяжелобольных); өйүн тута илик он незрел умом; өйтөн өлүү (или мүҥнаныы) горе от ума; өй аҥардаах полоумный; өйүнэн мөлтөх слабоумный; өйүнэн ыалдьар у него умственное расстройство; өйө өһүлүннэ он слаб умом (от старости, болезни); өйүм хоппот а) это уму непостижимо; б) ума не приложу; өй тиийбэт ума не хватает; өй сүрэх икки мөккүөрэ спор ума и сердца; спор между чувством и рассудком; өйө барбат он упустил из виду что-л. (букв. его ум не идёт в этом направлении); өйгө сүоттаа= решать в уме; считать в уме; өйө хамсаата рассудок его помутился; өйүн сүтэрбит а) он потерял сознание; б) он лишился рассудка; өй былдьас= считать себя умнее кого-л.; өйө сынньылынна он отупел, перестал соображать (от усталости, шума); у него ум за разум зашёл; өйүн ыһыктыбыт а) он потерял сознание, рассудок (о больном); б) он впал в детство (о дряхлых стариках); өйүттэн таҕыста а) он потерял рассудок; б) перен. он потерял самообладание; өй киирдэ а) он набрался ума, он поумнел; б) ему пришла мысль; өйүн туппут а) он взялся за ум; б) он созрел умственно; өйүгэр көтөн түстэ его вдруг осенила мысль; ему вдруг пришло на ум; өйө мастыйбыт разг. ум его потерял гибкость (вследствие старости); өйгө киирбиччэ пришло в голову, взбрело в голову; көтөр өҥүнэн, киһи өйүнэн посл. птица своей окраской, человек своим умом (славятся); 2) память; арай ол түбэлтэ өйбөр хаалбыт только тот случай остался в моей памяти; өйгө хатаа= запечатлеть в памяти; өйө бааллар у него провал памяти; өйө сытыйбыт разг. у него дырявая память; өйбүттэн көтөн хаалла вылетело из ума; из ума вон, из памяти вон; өйгө да суох (или суоҕа) а) он совершенно забыл, запамятовал; б) он об этом даже не думал \# өй биэр= (или ук=) а) надоумить, подать мысль; б) напомнить; өйтөн ааҕыы чтение наизусть; өйтөн этии а) чтение наизусть; б) выдумки; киһи өйүгэр түһэр понятный, ясный; өйүн сүүйтэрбит (это) вскружило ему голову. -
9 силии
костный мозг; силии оҕус= извлечь костный мозг (считается лакомством) \# силиибэр киирдэ я замёрз до мозга костей; силиитэ биллибэт а) худой скот (убойный); б) постное мясо; силиитэ биллэр а) скот средней или ниже средней упитанности (убойный); б) постное мясо; силиитэ быстыбыт крайне истощённый (об упряжном животном). -
10 сыыс
сор, мусор; мас сыыһа мелкие щепки; сыыһы харбаа= вымести сор; харахпар сыыс киирдэ в глаз попала соринка; сылдьыбыт сыыһы булар погов. бывалый хоть соринку да находит; сыыс от сорняк \# сыыс түһэрбэт а) схватывает на лету, понимает с одного слова; б) не оставляет и соринки без пользы (о скряге).————————1) промахиваться, не попадать в цель (стреляя, бросая и т. п.); мин ытан сыыстым я выстрелил и промахнулся; 2) перен. ошибаться, совершать оплошность; кини сыыһар он ошибается; арай тугу да гыммат киһи сыыспат не ошибается тот, кто ничего не делает; ср. алҕаһаа=. -
11 талыы
I I. отборный; лучший; талыы собо отборный карась; нэһилиэк талыы дьоно лучшие люди наслега; 2. 1) отбор, выбор; балык бөдөҥүн талыы отбор крупной рыбы; 2) выборы; избрание; делегаттары талыы выборы делегатов; дуоһунаска талыы избрание на какую-л. должность.II родовые схватки; талыыта киирдэ начались родовые схватки. -
12 тииһик
приступ (какой-л. болезни, боли); тииһин тииһигэ киирдэ у него начался приступ зубной боли. -
13 уйа
1) гнездо; нора, норка; чыычаах уйата птичье гнездо; тииҥ уйата беличье гнездо; кымырдаҕас уйата муравейник; тигээйи уйатын тоҕо тарпыт курдук словно разорили осиное гнездо (обычно говорится о большом внезапно поднявшемся шуме по какому-л. поводу); уйатыгар уу киирдэ в его гнездо хлынула вода (говорится, когда человек чем-то очень обеспокоен и суетится); 2) диал. колыбель, люлька, зыбка. -
14 үөс
I 1) центр; середина; дойду үөһүгэр в центре страны; 2) середина; түүн үөһэ середина ночи; полночь; 3) сердцевина (дерева); хатыҥ үөһэ сердцевина берёзы; 4) середина, место, близкое к середине (водоёма); оҥочо үөскэ киирдэ лодка удалилась от берега; 5) русло; 6) фарватер; өрүс үөһэ фарватер реки.II аорта; сис үөһэ главная артерия, аорта\# үөһүм да быстыа буоллар во что бы то ни стало; хоть тресни (букв. хоть у меня аорта лопнет); үөскүн тартар= испустить вопль, издать громкий гортанный крик (от испуга, неожиданности).III 1) жёлчь; 2) жёлчный пузырь \# үөһэ тэстэр суола предмет его восторгов. -
15 ханнык
I мест. 1) вопр. какой, который, какого рода, что за...; ханнык кипи? какой человек?; ханнык дьиэҕэ киирдэ? в который дом он вошёл?; 2) неопр. употр. с частицами эмэ, эрэ: ханнык эмэ (или эрэ) какой-нибудь; какой-то; ханнык эмэ дьыала какое-нибудь дело; ханнык эрэ киһи какой-то человек \# ханныгын да ипин модальное словосочет. как-никак, во всяком случае; ханныгын да иһин, биһиги сарсын бардахпытына сатанар во всяком случае, мы завтра должны ехать.II частица модальная, с гл. ф. выражает желание говорящего: ардах аһыннар ханнык хоть бы дождь перестал; баҕа санаам туоллар ханнык сбылись бы мой мечты; ср. баҕас 4. -
16 холкутук
нареч. 1) спокойно, свободно, легко; холкутук тыын дыши спокойно; тоһоҕо холкутук киирдэ гвоздь вошёл свободно; ат таһаҕаһын холкутук тардар лошадь легко тащит воз; 2) просторно; холкутук олороллор они живут просторно.