-
1 былдьас
совм.-взаимн. от былдьаа= 1) отнимать что-л. друг у друга; икки ини-бии курдарын былдьаспыттар үһү загадка два брата отнимают друг у друга ремень ( атах быата путы, которыми связаны передние и задние ноги лошади); 2) бежать, убегать, уносить ноги (пока не поздно); таһырдьаны былдьаста он поспешил на улицу; 3) перен. стремиться быстрее других достигнуть чего-л.; домогаться чего-л.; былыттаах халлаантан быһылаан былдьаспыта фольк. с облачного нёба призывал он беду (об отчаянно храбром богатыре); мэкчиргэ мас төбөтүн былдьаһарыгар дылы погов. как сова, что старается завладеть верхушкой дерева (о человеке, кот-рый домогается незаслуженной чести, незаслуженного почёта) \# аат (или бэрт) былдьас= соперничать; күрэс былдьас= состязаться; тыыҥҥын былдьас= а) лежать без чувств; б) умирать, агонизировать; уос= тиис былдьас= срывать (девичьи) поцелуи; хаар-уу былдьаһан эрдэҕинэ ранней весной (когда снег начинает быстро таять). -
2 аат
I 1. 1) имя; прозвище; кличка; аатыҥ кимий? как твоё имя?, как тебя зовут?; хос аат прозвище; аҕатын аата отчество; ытым аата Харабыл кличка моей собаки Страж, мою собаку зовут Страж; аатынан ыҥыр= звать по имени; аат биэр= давать имя, кличку, прозвище; 2) название; заголовок, заглавие; кинигэ аата название книги; 3) имя, известность, слава; үрдүк аат высокое имя; слава; аакка киирбит прославленный, известный; аатын алдьат= опозорить; аатын киртиппит он запятнал своё имя, свою честь; аатын ыл= победив, обесславить; 4) звание; республика үтүөлээх учууталын аатын биэрбиттэр ему присвоили звание заслуженного учителя республики; 5) именины; 2. в ф. дат. п. выступает в роли послелога со значением во имя, в знак, в честь, в память чего-л.; ийэ дойду аатыгар во имя родины; бу малы Москваҕа сылдьыбыт ааппар атыыластым эту вещь я купил в память о пребывании в Москве; 3. в знач. модальной частицы употр. при противопоставлении: аҕатын сүрэхтээх аатыгар сүрэҕэ суох уол төрөөбүт в противоположность работяге отцу сын оказался лентяем (букв. родился сын-лентяй) \# аат аҕай харата кое-как, спустя рукава; аата (или аатыгар) эрэ а) дрянной, неважный; только и славы, что...; аата эрэ сүөһү дрянная скотина; аатыгар эрэ үлэһит неважный работник; б) для виду; спустя рукава; аата эрэ үлэлиир он работает только для виду; аат былдьас см. былдьас; аатыттан ааспыт а) это стало ни к чему непригодным; илим аатыттан ааспыт сеть стала ни к чему непригодной (вся изорвалась); б) оно стало ни к чему непригодным (о животном); аатыттан суох и в помине нет; аат ыыт= распространять клевету; клеветать на кого-л.; ити аата см. ити 2; ол аата см. ол II; туох аатай см. туох.II ад||адский; аат уола! бран. исчадие ада!; аҕабыт ойоҕо аакка түһэр погов. жена священника в ад попадает. -
3 былдьаһыы
и. д. от былдьас= \# бэрт былдьаһыы соперничество; күрэс былдьаһыы состязание; тыыны былдьаһыы а) бесчувственное состояние; б) агония. -
4 күрэс
состязание; күрэс былдьас= состязаться. -
5 өй
1) ум, разум, рассудок || умственный; сытыы өй острый, проницательный ум; өй хаата умница; чычаас өй недалёкий ум; чиҥ өй цепкий ум; киитэрэй өй хитрый ум; кылгас өй короткий, недалёкий ум; оҕуруктаах өй глубокий ум; тииҥ өйө изворотливый, гибкий ум; сахалыы өй природный ум; өһөгөйдөөх өй злобный, мстительный ум; өй үлэтэ умственная работа; илэ өйүнэн в здравом уме; өй күүһэ сила ума; өй бэрт ирон. от избытка ума; оннук өй суох такого и в мыслях нет; өйө өйүнэн в здравом уме и твёрдой памяти (обычно о тяжелобольных); өйүн тута илик он незрел умом; өйтөн өлүү (или мүҥнаныы) горе от ума; өй аҥардаах полоумный; өйүнэн мөлтөх слабоумный; өйүнэн ыалдьар у него умственное расстройство; өйө өһүлүннэ он слаб умом (от старости, болезни); өйүм хоппот а) это уму непостижимо; б) ума не приложу; өй тиийбэт ума не хватает; өй сүрэх икки мөккүөрэ спор ума и сердца; спор между чувством и рассудком; өйө барбат он упустил из виду что-л. (букв. его ум не идёт в этом направлении); өйгө сүоттаа= решать в уме; считать в уме; өйө хамсаата рассудок его помутился; өйүн сүтэрбит а) он потерял сознание; б) он лишился рассудка; өй былдьас= считать себя умнее кого-л.; өйө сынньылынна он отупел, перестал соображать (от усталости, шума); у него ум за разум зашёл; өйүн ыһыктыбыт а) он потерял сознание, рассудок (о больном); б) он впал в детство (о дряхлых стариках); өйүттэн таҕыста а) он потерял рассудок; б) перен. он потерял самообладание; өй киирдэ а) он набрался ума, он поумнел; б) ему пришла мысль; өйүн туппут а) он взялся за ум; б) он созрел умственно; өйүгэр көтөн түстэ его вдруг осенила мысль; ему вдруг пришло на ум; өйө мастыйбыт разг. ум его потерял гибкость (вследствие старости); өйгө киирбиччэ пришло в голову, взбрело в голову; көтөр өҥүнэн, киһи өйүнэн посл. птица своей окраской, человек своим умом (славятся); 2) память; арай ол түбэлтэ өйбөр хаалбыт только тот случай остался в моей памяти; өйгө хатаа= запечатлеть в памяти; өйө бааллар у него провал памяти; өйө сытыйбыт разг. у него дырявая память; өйбүттэн көтөн хаалла вылетело из ума; из ума вон, из памяти вон; өйгө да суох (или суоҕа) а) он совершенно забыл, запамятовал; б) он об этом даже не думал \# өй биэр= (или ук=) а) надоумить, подать мысль; б) напомнить; өйтөн ааҕыы чтение наизусть; өйтөн этии а) чтение наизусть; б) выдумки; киһи өйүгэр түһэр понятный, ясный; өйүн сүүйтэрбит (это) вскружило ему голову. -
6 уос-тиис
уос-тиис былдьас= срывать девичьи поцелуи; уос-тиис салас= принимать участие в еде (обычно в небольшой трапезе).