-
1 аат
I 1. 1) имя; прозвище; кличка; аатыҥ кимий? как твоё имя?, как тебя зовут?; хос аат прозвище; аҕатын аата отчество; ытым аата Харабыл кличка моей собаки Страж, мою собаку зовут Страж; аатынан ыҥыр= звать по имени; аат биэр= давать имя, кличку, прозвище; 2) название; заголовок, заглавие; кинигэ аата название книги; 3) имя, известность, слава; үрдүк аат высокое имя; слава; аакка киирбит прославленный, известный; аатын алдьат= опозорить; аатын киртиппит он запятнал своё имя, свою честь; аатын ыл= победив, обесславить; 4) звание; республика үтүөлээх учууталын аатын биэрбиттэр ему присвоили звание заслуженного учителя республики; 5) именины; 2. в ф. дат. п. выступает в роли послелога со значением во имя, в знак, в честь, в память чего-л.; ийэ дойду аатыгар во имя родины; бу малы Москваҕа сылдьыбыт ааппар атыыластым эту вещь я купил в память о пребывании в Москве; 3. в знач. модальной частицы употр. при противопоставлении: аҕатын сүрэхтээх аатыгар сүрэҕэ суох уол төрөөбүт в противоположность работяге отцу сын оказался лентяем (букв. родился сын-лентяй) \# аат аҕай харата кое-как, спустя рукава; аата (или аатыгар) эрэ а) дрянной, неважный; только и славы, что...; аата эрэ сүөһү дрянная скотина; аатыгар эрэ үлэһит неважный работник; б) для виду; спустя рукава; аата эрэ үлэлиир он работает только для виду; аат былдьас см. былдьас; аатыттан ааспыт а) это стало ни к чему непригодным; илим аатыттан ааспыт сеть стала ни к чему непригодной (вся изорвалась); б) оно стало ни к чему непригодным (о животном); аатыттан суох и в помине нет; аат ыыт= распространять клевету; клеветать на кого-л.; ити аата см. ити 2; ол аата см. ол II; туох аатай см. туох.II ад||адский; аат уола! бран. исчадие ада!; аҕабыт ойоҕо аакка түһэр погов. жена священника в ад попадает. -
2 диэ
1) говорить; сказать; онуоха инньэ диэтэ на это он ответил так; инньэ диэмэ не говори так; туох диигин? что ты говоришь?; инньэ диэн баран или инньэ диэт сказав это, так сказавши, с этими словами; туох да диэ говори, что угодно (мне всё равно); ити туох диэтэҕэй? что он этим хочет сказать?; миигин бар диэҥ говорите мне "уходи" (так замешкавшийся путник напоминает остающимся, что ему давно пора ехать); хата инньэ диэ (вот) так и скажи; ол-бу диэбэккэ без лишних слов, без разговоров (делай что-л.); 2) считать, думать, полагать; сарсын барыам диибин я думаю ехать завтра; манна баттыам диэбитим я рассчитывал застать его здесь; бу сөп буолуо диибин думаю, что этого будет достаточно; барыам диэн маскын бараама погов. думая ехать, не сжигай всех дров (вдруг передумаешь ехать; т. е. нужно быть дальновидным и расчётливым); 3) называть, именовать; ытым ( аата) Харабыл диэн мою собаку зовут Страж; Уйбаан диэммин меня зовут Иван; туох диэн ( ааттаах) таҥаһый? как называется этот материал? \# диэбиккэ дылы а) как говорится, как говорят; буруй эрэ Моттойоҕо диэбиккэ дылы посл. как говорится, на бедного Макара все шишки валятся; б) и не говори! (выражение согласия); диэбит да баар ини как не сказать (об этом); диэбэт (или диэмэ, диэминэ) ( эрээр) даҕаны или диэ даҕаны, диэх да баар и не говори, ещё бы; вот именно, вот тото; олус ыарахан дуу? очень тяжело, да? - Диэбэт даҕаны! Ещё бы!