-
1 сүрэх
1) сердце || сердечный; сүрэх тэбиитэ биение сердца; сүрэх ыарыыта болезнь сердца; сүрэх ыарыылаах страдающий болезнью сердца; сүрэҕим хамсыыр у меня сердцебиение (от болезни, волнения); сүрэҕэ хайдыбыт инфаркт; сүрэх тымыра артерия (букв. сосуд сердца); сүрэх клапаннара сердечные клапаны; 2) перен. сердце, душа; амарах сүрэх сердобольный; доброе сердце; сүрэҕэ кыланар крик души; сүрэх төлөнө пламя сердца (воодушевление,, вдохновение); сүрэҕэ киниэхэ чугас он любит его (букв. его сердце близко к нему); ис сүрэҕиттэн от всего сердца, от чистого сердца; сүрэҕэ тэбэн кэбистэ от полноты сердца, от полноты души; сүрэҕэ сөбүлүү-рүнэн по велению сердца; сүрэҕим тэппэт мне не хочется (делать что-л.), у меня душа не лежит (к какому-л. делу); сүрэҕэ таайар сердцем чувствует; сүрэххэ ыттар= ощущать беспокойство от предчувствия чего-л. недоброго, неприятного; сүрэҕим айахпар таҕыста у меня душа в пятки ушла (букв. сердце подскочило ко рту); сүрэҕим бар гынна сердце у меня ёкнуло; сүрэҕим мөҥөр у меня сердце щемит; сүрэҕим быллыгырыыр а) у меня сердце трепещет (от страха); б) у меня сердцебиение с тошнотой; сүрэҕим ылбат я чувствую отвращение (букв. моё сердце не принимает); сүрэҕэ ууллар у него сердце тает (говорится о слишком сердобольном человеке); сүрэҕэ ытырыктатар у него сердце не на месте; сүрэҕэ ытырбахтыыр а) у него сердце заныло; б) он чувствует острую жалость к кому-л.; сүрэҕин быата уһун он слишком спокоен, равнодушен; сүрэҕин хайыт= сильно напугать кого-л.; сүрэҕин ырбаахыта чараас разг. ирон. а) слишком сердобольный; б) пугливый; сүрэх аалыыта буол= лечь камнем на сердце; сүрэх баастаах со старой раной в сердце, с осевшим в душе горем; сүрэх үөрэр сердце радуется; сүрэҕим хаанынан ытыыр у меня сердце кровью обливается (от жалости, от какого-л. душевного страдания); сүрэхпиттэн быстыам дуо? разве я отрежу кусок от своего сердца? (т. е. лишусь родного, любимого); сүрэх сүрэххэ дылы погов. сердце похоже на сердце (о любви к ближнему); сүрэххэ быһахтаммыкка дылы погов. как ножом по сердцу; эһэ тыҥыраҕынан, эр сүрэҕинэн погов. медведь силён своими когтями, добрый молодец - смелым сердцем; 3) перен. энергия, старание, жажда деятельности; сүрэҕэ бэрт деятельный, трудолюбивый; сүрэҕэ батарбат (или тулуппат) он не усидит на месте (без дела); сүрэҕин баҕатынан по желанию, охотно; сүрэх баҕарар да, сүһүөх уйбат погов. сердцу хочется действовать, да сил не хватает (соотв. видит око, да зуб неймёт); сүрэҕинэн сылдьар а) он старательный, добросовестный; б) он ходит, делает что-л. через силу; күөх сүрэх презр. бездельник, лентяй; сүрэҕэ көҕөрбүт (или сытыйбыт, көппөйбүт) разг. презр. он совершенно обленился; 4) перен. сердце, центр; Москва - биһиги дойдубут ( тэбэр) сүрэҕэ Москва - сердце нашей страны; туу сүрэҕэ внутренняя воронка у верши; хаппыыста сүрэҕэ капустная кочерыжка; 5) уст. нательный крест, крестик \# кус сурэх трус; сүрэҕим өлөхсүйэр (или чаалыйар) меня тошнит, мутит; сүрэҕим умайар (или өрүкүйэр) я чувствую тошноту; сүрэҕим ытарҕата ласк. сердце моё, жизнь моя (букв. серёжки моего сердца - обычно о единственном ребёнке); сүрэҕэ бүөлээбит разг. у него одышка от ожирения; сүрэҕэ ылбат или сүрэҕин көрбүтүнэн киирэр он испытывает отвращение (к какой-л. еде); сүрэх-пэр киирэр разг. я не могу есть жирного (букв. к сердцу подступает); сүрэх уруу кровный родственник; сүрэххин баттат= а) освежаться (выпив, съев чего-л. холодного); б) страдать от сильного похмелья; тарбах сүрэҕэ подушечки пальцев. -
2 сирэй
I) лицо || лицевой; кубархай сирэй очень бледное лицо; уһун ньылбаа сирэй продолговатое, вытянутое лицо; ньолоҕор сирэй очень узкое вытянутое лицо; эйэҕэс сирэй открытое, приветливое лицо; тыйыс сирэй суровое непроницаемое лицо; эрдээх сирэй мужественное лицо; үчүгэй сирэй красивое лицо; ыраас сирэй а) чистое, гладкое лицо; б) довольно красивое, приятное лицо; сирэй былчыҥнара лицевые мускулы; сирэйэ кытарда он покраснел (от стыда, волнения); сирэйим итийдэ у меня лицо горит (от стыда); сирэйэ кубарыс гынна он побледнел; килбиэннээх сирэйгин киртитиэм фольк. я ославлю тебя (букв. я загрязню твоё сияющее лицо); кыыс оҕо дьоло сирэйигэр погов. счастье девушки в её лице (т. е. в её красоте); сирэйгэ биэр= (или тыаһат=) дать пощёчину; сирэйгэ бэрдэрбит курдук будто пощёчину дали (настолько ошарашен, ошеломлён чем-л. неожиданным или из ряда вон выходящим случаем); 2) лицо, поверхность чего-л.; сторона (предмета); остуол сирэйэ поверхность стола; сыыр сирэйэ поверхность склона; хайа сирэйэ одна из сторон горы; хайа арҕаа сирэйигэр на западной стороне горы; 3) страница; ааҕыллыбыт сирэй прочитанная страница; ср. страница; 4) грам. лицо; туохтуур сирэйдэринэн уларыйыыта изменение глагола по лицам \# буор сирэй бран. негодяй; күөх сирэй презр. лодырь; икки сирэй буол= быть двуличным; сирэй бааһа оҥостор он постоянно попрекает кого-л. одним и тем же проступком; сирэй бар= а) карт, сыграть в масть, по мастям; б) перен. проиграть, обанкротиться; сирэй бэйэтинэн сам, лично; сирэй көрбөх а) лицемер; б) лицемерный; сирэй сабыылык гынар см. сирэй бааһа оҥостор; сирэй сабыыта а) покрывало на лицо покойника; б) перен. маска (видимость, притворство); сирэйин са-ралаа= разоблачить, вывести кого-л. на чистую воду; сирэйиттэн көрөн на месте, на ходу, смотря по обстоятельствам, ориентируясь по обстановке (решать что-л., разбираться в чём-л.); сирэйинэн а) напрямик, без |обиняков; сирэйинэн эт= говорить прямо, без обиняков; б) то же самое; тем же самым (предметом); той же самой (вещью); сирэйинэн төлөө= платить, расплачиваться тем же; сирэй харчытыгар а) в чисто денежном выражении; б) наличными, за наличный расчёт; сирэйэ сааппат (или саатыа дуо) у него стыда нет; сирэйэ сөллүбүт у него утомлённый вид; сирэйэ суох нахальный, бесцеремонный; сирэйэ суулбут (или самныбыт) у него убитый вид (об отчаявшемся неудачнике); сэттэ сирэй подхалим, льстец; угодник; хайа сирэйинэн как, с каким лицом (делать что-л., показываться где-л.- обычно о ранее провинившемся перед кем-л.); хайа сирэйинэн эмиэ иэс көрдүөҕэй? с каким лицом он снова будет просить в долг?