-
1 өй
1) ум, разум, рассудок || умственный; сытыы өй острый, проницательный ум; өй хаата умница; чычаас өй недалёкий ум; чиҥ өй цепкий ум; киитэрэй өй хитрый ум; кылгас өй короткий, недалёкий ум; оҕуруктаах өй глубокий ум; тииҥ өйө изворотливый, гибкий ум; сахалыы өй природный ум; өһөгөйдөөх өй злобный, мстительный ум; өй үлэтэ умственная работа; илэ өйүнэн в здравом уме; өй күүһэ сила ума; өй бэрт ирон. от избытка ума; оннук өй суох такого и в мыслях нет; өйө өйүнэн в здравом уме и твёрдой памяти (обычно о тяжелобольных); өйүн тута илик он незрел умом; өйтөн өлүү (или мүҥнаныы) горе от ума; өй аҥардаах полоумный; өйүнэн мөлтөх слабоумный; өйүнэн ыалдьар у него умственное расстройство; өйө өһүлүннэ он слаб умом (от старости, болезни); өйүм хоппот а) это уму непостижимо; б) ума не приложу; өй тиийбэт ума не хватает; өй сүрэх икки мөккүөрэ спор ума и сердца; спор между чувством и рассудком; өйө барбат он упустил из виду что-л. (букв. его ум не идёт в этом направлении); өйгө сүоттаа= решать в уме; считать в уме; өйө хамсаата рассудок его помутился; өйүн сүтэрбит а) он потерял сознание; б) он лишился рассудка; өй былдьас= считать себя умнее кого-л.; өйө сынньылынна он отупел, перестал соображать (от усталости, шума); у него ум за разум зашёл; өйүн ыһыктыбыт а) он потерял сознание, рассудок (о больном); б) он впал в детство (о дряхлых стариках); өйүттэн таҕыста а) он потерял рассудок; б) перен. он потерял самообладание; өй киирдэ а) он набрался ума, он поумнел; б) ему пришла мысль; өйүн туппут а) он взялся за ум; б) он созрел умственно; өйүгэр көтөн түстэ его вдруг осенила мысль; ему вдруг пришло на ум; өйө мастыйбыт разг. ум его потерял гибкость (вследствие старости); өйгө киирбиччэ пришло в голову, взбрело в голову; көтөр өҥүнэн, киһи өйүнэн посл. птица своей окраской, человек своим умом (славятся); 2) память; арай ол түбэлтэ өйбөр хаалбыт только тот случай остался в моей памяти; өйгө хатаа= запечатлеть в памяти; өйө бааллар у него провал памяти; өйө сытыйбыт разг. у него дырявая память; өйбүттэн көтөн хаалла вылетело из ума; из ума вон, из памяти вон; өйгө да суох (или суоҕа) а) он совершенно забыл, запамятовал; б) он об этом даже не думал \# өй биэр= (или ук=) а) надоумить, подать мысль; б) напомнить; өйтөн ааҕыы чтение наизусть; өйтөн этии а) чтение наизусть; б) выдумки; киһи өйүгэр түһэр понятный, ясный; өйүн сүүйтэрбит (это) вскружило ему голову. -
2 да
1. частица 1) усил. какой, какая, какое, как; кэрэ да кыыс! какая красивая девушка!; күндү да мал! какая дорогая вещь!; бэркэ да ытар! как он замечательно стреляет!; 2) усил. употр. обычно со сл. биир, биирдэ ни; ни... ни...; биир да киһи суох ни одного человека нет; биирдэ да суруйбатах он ни разу не написал; киһи да сүөһү да көстүбэт не видно ни человека, ни скотины; 3) усил. употр. для усил. знач. нек-рых модальных сл., межд. и междометных выражений и, а; кырдьык да, туоһу суох а правда, свидетеля нет; дьиҥинэн да, оннук буолбатах и в самом деле, не так; онто да суох, сылайдым! я и так устал!; тыый да, тугуй бу? ой, что это такое?; өлүү да буолар эбит! ох, какая беда!; 4) усил. и, даже, даже и; сүүс да киһи кыайыа суоҕа даже сто человек не осилят; ону хараҕа да суох киһи билиэ это заметит даже слепой; соҕотоҕун да үлэлиэ он и один будет работать; бэйэтэ да билбэт он и сам не знает; 5) усил. и, также, тоже; мин да билэр этим я тоже знал; тииҥ да элбэх и белок много; 6) усил. хоть, хотя; бүтүннүү да ылыҥ хоть всё берите; кыратык да үлэлээ работай хоть немножко; 7) выделит, редко -то; ведь; да ведь; күн да уһун, бүтэриллиэ день-то длинный, закончу; 8) словообразующая, образует отриц. и неопр. мест, от вопр., а также нек-рые сочет. с союзным, модальным и др. знач.: ким да никто; кимиэнэ да ничей; туох да а) ничто; ничего; никто; б) никакой; туох да диэбэтэ он ничего не сказал; туох да мэһэйэ суох без всякого препятствия; хайалара да любой из них; хайа да никакой; какой бы то ни было, любой; хайа да киһи кыайбат (кыайыа суох) никакой человек не осилит; хайдах да а) никак; б) никакой; любой; хайдах да өйдөөбөт он никак не поймёт; хас да несколько; хаста да несколько раз; хайата да любой из этих; хаһан да а) никогда; хаһан да оннук суоҕа никогда такого не было; б) всегда; как всегда; хаһан да оннук буолааччы всегда так бывает; ханна да нигде; хантан да ниоткуда; төһө да а) нисколько; төһөнү да биэрбэтэ нисколько не дал; б) как бы ни...; төһө да кыһаннар как бы ни старался; хайаан да непременно, во что бы то ни стало; хайаатар да а) во что бы то ни стало; б) как-никак; ол да иһин так и ожидалось; ол иһин да тото, тото же; так и должно быть; кэм да всё-таки, как всегда; ханныгын да иһин как-никак; ол да буоллар но, однако; оннугун оннук да так-то оно так; хотя оно и так; таах да всё же; дэлэҕэ да недаром; 9) усил. при повторяющихся словах придаёт знач. самой высокой степени качества, признака или указывает на множество предметов очень-очень; слишком; пре=; кытаанах да кытаанах твёрдый-претвёрдый; күүскэ да күүскэ оҕуста он ударил очень-очень сильно; лискийэн кус да кус! такая здоровенная утка!; хайгыыр да хайгыыр слишком хвалит; хвалит-не нахвалится; күөлгэ кус да кус на озере масса уток; 2. союз. 1) соед. образует сочет., близкие к парным словам и, да; бырыы да бадараан грязь да болото, сплошная грязь; күннэтэ тыал да хаар каждый день ветер да снег, каждый день непогода; 2) соед. употр. при обозначении действий, следующих друг за другом моментально или неожиданно и, да; киэр хайыста да ытаан барда он отвернулся и заплакал; ылла да ууга бырахта он взял да в воду и бросил; 3) перечисл. и, да; оҕо да улахан да и стар и млад; и взрослые и дети; мин да, эн да и ты и я; билигин да, кэнэҕэс да и сейчас и в будущем; биһиэхэ улахан да, кыра да өрүстэр элбэхтэр у нас много и больших и малых рек; 4) временной, указывает на то, что действие главного предлож. совершается сразу же после действия придат. предлож. как только; аан аһылынна да кыыс киирдэ как только открылась дверь, вошла девушка; 5) усл. если; раз; соруйдулар да, үлэлиэх тустаахпыт раз поручили, то мы должны работать; 6) уступ, хотя, хоть; бүгүн барарга быһаарыммыппыт да, саараатыбыт хотя мы решили уехать сегодня, но передумали; 7) противит. но, а, однако; тем не менее; бэҕэһээ аахпытын өйдүү сатаата да, барытын умнан кэбиспит он силился вспомнить прочитанное вчера, но не мог. -
3 буол
1) быть, являться; делаться, становиться; учуутал буол= стать учителем; харса суох буол= быть храбрым; киһи буол= а) стать человеком, выйти в люди; б) перен. остаться в живых, выжить; баар буол= а) иметься, быть в наличии; б) явиться куда-л.; суох буол= а) не быть в наличии, отсутствовать; б) уйти, уехать откуда-л.; доҕордуу буолуох будемте друзьями; барбыт буоллаҕына, төннөөр если он уехал, ты возвращайся назад; киһи билбэт буола (измениться) до неузнаваемости; эбэтэр киһи буол, эбэтэр кии буол погов. или будь человеком, или превратись в навоз (соотв. или грудь в крестах, или голова в кустах); 2) быть, бывать, происходить, случаться; бүгүн мунньах буолар сегодня будет собрание; аан дойдуга араас событиелар буолаллар в мире происходят разные события; күһүн-саас тоҥоруулар буолаллар весной и осенью бывают заморозки; туох барыта буолар всякое бывает; оннук буолбат так не бывает; туох буолла? что случилось?; бу улахан ситиһии буолар это является большим успехом; итинник буолбат буол никогда больше не поступай так; оннук ордук буолуо так будет лучше; оннук эрэ буоллун я этому рад (букв. пусть будет только так); оннук эрэ буолбатын! только бы не это!; только бы этого не случилось!; 3) наступать, начинаться; приходить; кыһын буолла настала зима; күн ортото буолбут настал полдень; үчүгэй күннэр-дьыллар буоллулар пришли хорошие времена; 4) в сочет. с прич. на =ар осн. гл. выступает в роли вспомогательного гл. и означает регулярность, обычность, постоянство действия: көстөр буол= быть видимым; барар буол= а) постоянно ходить, уходить куда-л.; б) решиться идти, ехать куда-л.; сылдьар буолуҥ захаживайте к нам, заходите к нам почаще; 5) в сочет. с прич. на =быта осн. гл. выступает в роли вспомогательного гл. со знач. делать вид, прикидываться; ыарыһах аһаабыта буолла больной сделал вид, что ест; больной почти не поел; кыыһырбыта буол= напустить на себя сердитый вид, прикинуться сердитым \# буолаары буолан притом ещё, к тому же; кинигэ бэлэхтэттим, буолаары буолан олус наадыйарбын мне подарили книгу, притом ещё такую для меня нужную; буола-буола выражает раздражение, гнев; өһүргэммитэ буола-буола! он ещё обижается!; буолбат дуо ведь, же; кини барбыта ыраатта буолбат дуо он ведь давным-давно уехал; хайа суох буолбат дуо? да нету же!, да ведь нету!; буоллаҕа ити вот и всё; буоллар буоллун пусть; так тому и быть; буоллар буоллун мин кыһаммаппын пусть, мне всё равно; буоллун-хааллын диэн оҥор= делать что-л. на живую нитку; буолуо даҕаны может быть; буолуох буоллаҕа так и следовало ожидать; дьэ буоллаҕа! ну и ну!; м-да!; кэм буолан ипиэхпит (или истэхпит) ! этого ещё не хватало!; санаам буолбат у меня рука не поднимается; туох буолуой ничего, и так сойдёт. -
4 ол
I мест. указ. тот, та, то; ол дьиэҕэ киир войди в тот дом; ол хайа үрдүк та гора высока; ол диэки бар= идти, ехать в том направлении, в ту сторону; ол курдук вот так, таким образом; ол гэннэ а) после того, затем; далее; б) сверх того, кроме того, ещё; ол гэннэ тугу кэпсиигин? что ещё расскажешь?; ол да буоллар тем не менее, всё-таки, несмотря на то; ол гынан баран или ол эрээри всё же, однако; ол иһин поэтому, вследствие этого; ол иһин да! вот в чём дело!, вот оно что!; ол аата значит, следовательно; ол үрдүнэн сверх того, помимо того; онон тем; той; онон барыҥ поезжайте той (дорогой); ону а) того, то, ту; ону мин билбэппин того я не знаю; б) о том; об этом; сну истээт услышав об этом; ону ааһан кроме того, сверх того; онуоха(ҕа); на то, на это; онуоха кини этэр... на это он говорит...; онуоха туох баарый? что из того?; онуоха эбии к тому же \# ону баара не тут-то было; онуоха-маныаха диэри до поры до времени.II модальное сл. 1) усиливает выразительность высказываемого: ол туохтан куттанныгыт? а чего это вы испугались?; ол эйигиттэн ыйытыам дуо? а что, тебя буду спрашивать, да?; 2) с гл. предположительного накл. выражает итог, заключение высказываемого так и...; бардаҕа ол так и ушёл... \# ол аата а) значит, следовательно, стало быть, таким образом, выходит; ол аата, дьэлликтииргин бырахтыҥ дуо? значит, ты бросил бродяжничать?; б) то есть, значит; ол аата, төһө буоларый? то есть, сколько будет?; ол буолан (или гынан) баран но, однако; ол буолан баран, бу хартыына олус табыллыбыт однако эта картина очень удалась; ол гынан баран, ким да кэлбэтэҕэ однако никто не приходил; ол да буоллар несмотря на это, однако, всё-таки; ол да буоллар, быйыл оҕуруот аһа лаппа үчүгэй буолар буолла несмотря на это, обещается хороший урожай овощей; ол иһин вот то-то; конечно; ол иһин, эн төннөн кэлиэхтээх этиҥ вот тото, ты должен был вернуться; чэ, ол иһин, сэрэйбит сэрэх ну конечно, так и предполагали; ол иһин даа вот в чём дело; ясно, в чём дело; ол иһин даа, оттон мин сэрэйбэт да этим вот в чём дело, а я и не догадывался; ол курдук а) итак, таким образом, вот так; ол курдук, бу мас дьиэ ордубут таким образом, этот деревянный дом остался целым; б) например, к примеру; ол курдук, бу порка саҥа үс кран туруорулунна в этом порту, например, установлено три крана; ол эрээри но, однако, тем не менее; халлаан былыттаах, ол эрээри ичигэс пасмурно, но тепло; онон буоллаҕына следовательно, значит, стало быть; онон буоллаҕына, кини миэхэ суруйар суруга барыта сымыйа эбит следовательно, всё, что он пишет мне, оказывается неправдой; онон бүтэр вот и всё, и всё; бүгүн барабын, онон бүтэр! сегодня еду - и всё!; онто суох а) и так (уж), и без того; онто да суох биһиэхэ ыарахан и без того нам тяжело; б) действительно, (и) в самом деле; конечно; ээ, онто суох, оннук, действительно, так оно и есть; онто суох, үөрүөхтэрин үөрэллэр! конечно, как им не радоваться!; ону ааһан более того; не только..., но и...; ыллыыр, ону ааһан үҥкүүлүүр она не только поёт, но и танцует. -
5 санаа
1) мысль, дума; киниэхэ оннук санаа элэс гынна у него мелькнула такая мысль; биһиги санаабыт биир наши мысли одинаковы; ол туһунан санааҕын да хамсатыма об этом и мысли не допускай; об этом и думать не смей; киһи санаата күүстээх человеческая мысль сильна; ол түбэлтэ санаабыттан тахсыбат тот случай у меня из головы нейдёт; 2) цель, стремление, намерение; желание; кини санаатын ситтэ он достиг своей цели; инньэ гынар санаанан имея такое намерение; санааҕар тур= настаивать на своём, добиваться своего; санааҕын (или санааны) уур= приложить старания, усилия; стремиться хорошо выполнить какую-л. работу; санааҕыттан оҥор= делать что-л. по своей воле, с охотой, без напоминания (обычно о детях); санаата кэлэн охотно, с охотой, с рвением; санаата кэлэн маны оҥоруо дуо? охотно ли он сделает это? (т. е. хорошо ли, добротно ли); санаата туолла он удовлетворён (достигнутой целью, исполнением желания); санаатын хоту по его желанию (делать что-л.); 3) горе, печаль; траур; санаата суох беззаботно; санааҕа түс= опечалиться; ыар санааҕа ыллар= переживать тяжёлое горе; санааҕын аралдьыт= (или тарҕат=) рассеяться; отвлечься (от горестных мыслей); санаата көммүт он снова пришёл в хорошее настроение, он вновь приободрился (после угнетённого состояния); санаата көнньүөрбүт он пришёл в радостное настроение (по случаю какого-л. приятного события, обычно после подавленного состояния); санаата нус буолар он успокоился, он обрёл покой; санаата оонньуур он лишился душевного равновесия (от горя, мрачных мыслей); санаата хараастар он чувствует тоску, ощущает подавленность (напр. от тяжёлых дум, безвыходного положения); санаата чэпчээтэ у него отлегло от сердца; санаата түспүт настроение у него упало; он приуныл; 4) в сочет. с кэллэ означает пожелать, захотеть; аһыах санаам кэллэ я захотел есть \# санааҕар тут= затаить обиду; санааны көтөх= воодушевить кого-л., укрепить в ком-л. уверенность в чём-л.; санааны ылын= решиться на что-л.; санаата алдьанар он раздражается, озлобляется; санаата батарбат ему не терпится, его подмывает (сделать что-л.); санаата бөҕөх он очень надеется на что-л.; он уверен в чём-л.; санаата буолбат ему совестно; санаата тэйдэ он разочаровался в ком-л., потерял уважение, доверие к кому-л.; санаата холлор он чувствует раздражение, досаду, злобу, он злится, досадует; санаата хотор он чувствует полную уверенность, он целиком и полностью уверен (напр. в выполнении чего-л.); санаатын тап= угодить.————————1) думать, подумать; задумать; туох дин саныыгын? как ты думаешь?; төрөппүттэргин санаа= думать о родителях (т. е. быть внимательным к ним); санаатаҕын аайы как (только) вздумается, когда вздумается; 2) желать, пожелать; киниэхэ үтүөнү эрэ саныыбын я ему желаю только добра; 3) в сочет. с кэриэтэ означает считать кем-л.; кинини аҕам кэриэтэ саныыбын я его почитаю за своего отца \# хом санаа= быть недовольным кем-л., обижаться на кого-л.; огорчаться.