-
1 курдук
1. послелог, упр. осн. п. 1) наподобие, подобно, вроде, как, словно; муора курдук как море; алмаас курдук кытаанах твёрдый как алмаз; тураах курдук хара чёрный как ворона; аҕатын курдук оҕо ребёнок похожий на отца; эн курдук подобно тебе, как ты; дьиэ дьиэ курдук дом как дом; дьиэ курдук дьиэ а) да, это дом; б) дом как дом; күүскэ курдук вроде бы сильно; уот сиэбитин, уу илпитин курдук погов. словно уничтожено пожаром, унесено водой; 2) примерно, примерно с...; ый курдук сынньанныбыт мы отдыхали примерно с месяц; онно сыл курдук олорбуттар там они жили примерно год; 2. в роли союза как, как будто; подобно тому, как; эппитиҥ курдук оҥордум я сделал так, как ты сказал; киһи истэрин курдук саҥар говори так, чтоб было слышно; этиҥ тыаһын курдук тыас дэлби барда раздался грохот, будто гром загремел; балыктыыр курдук үчүгэй сынньалаҥ суох нет лучшего отдыха, чем рыбалка; 3. частица модальная 1) в сочет. с гл. выражает недостоверность, предположительность действия и состояния словно, будто, будто бы, как будто бы, вроде бы, кажется; бардар бара туруох курдук этэ он, кажется, готов был всё идти и идти; санаабар наар кинилэри кытта сылдьар курдукпун мысленно я всё время как будто бы с ними; букатын умнубут курдуктар будто и совсем забыли; 2) словообразующая, образует от звукоподр. и образн. слов нареч. и прил.: был курдук мягкий, тестообразный; ил курдук тёплый, уютный (о доме); лоп курдук тоҕус чааска кэл приходи ровно в девять часов; лоп курдук батта как раз вошло; лоп курдук тыллаах-өстөөх киһи человек, чётко выражающий свой мысли; лоп курдук туттуулаах аккуратный в своих движениях (при работе); лыык курдук сим= набивать что-л. до отказа; мыс курдук оҕо пухленький ребёнок; ньим курдук сабыылаах плотно закрытый; тилик курдук энергичный; 3) выражает желание говорящего: бүгүн бүтэрдэр курдук закончил бы он сегодня (напр. работу) \# биллэрин курдук как известно; бу (или ити, ол) курдук так, таким образом; быраабыла курдук как правило; көстөрүн курдук как видно; оол курдук вон там, поодаль; сол курдук точно так; түбэлтэлээх курдук как назло; уот сиирин курдук очень быстро, интенсивно (напр. работать; букв. как огонь пожирает); уот ылар курдук очень быстро (напр. сходить куда-л.; букв. словно за огнём сходить); үгэс курдук как обычно; хайдах курдук какой (хороший); хайдахтаах курдук какой же (хороший). -
2 ас
I 1) пища, еда, кушанье, блюдо; продукты; минньигэс ас сладкое блюдо; үрүҥ ас молочные продукты; таҥара аһа уст. а) сладкая вода, употребляемая в обрядах православного богослужения; б) просвира, просфора, просвирка; ас астаа= готовить пищу; сүрэҕэ суох үлэ чэпчэкитин, ас минньигэһин талар посл. лентяй выбирает работу полегче, пищу - повкуснее; 2) плод; бурдук аһа зерно (букв. плод хлеба); сир аһа плоды; ягоды; оҕуруот аһа овощи; 3) гной, гнойные выделения; ас тардар гноится (нарыв); куһаҕан кутургуйа аһын курдук дэлби барыа посл. плохое прорвётся, как гной из нарыва; 4) перен. польза, прок; ас тахсыа суоҕа пользы не будет; ас ылбаппыт мы пользы не получим; алдьархайтан ас тахсар посл. от беды (и) польза бывает (соотв. нет худа без добра) \# ас барбат рак пищевода; ас гыммат он легко побеждает, осиливает кого-л.; ас кут= созревать; ас кээс= терять аппетит; күөл аһа бот. сусак, оситняк.————————I 1) прям., перен. открывать; дьааһыгы ас= открыть ящик; ааны ас= открыть дверь; быыһы ас= раздвинуть занавес; түннүгү ас= распахнуть окно; кыраныыссаны ас= открыть границу; 2) раскрывать; размыкать; хараххын ас= раскрыть глаза; 3) раскупоривать, распечатывать; бытыылканы ас= откупорить бутылку; 4) отпирать, отмыкать; күлүүһү ас= отпереть замок; 5) открывать, пускать; кырааны ас= открыть кран; 6) открывать, обнаруживать, разоблачать, раскрывать, вскрывать; кистэлэҥҥин ас= открыть свою тайну; 7) открывать, начинать; оскуоланы ас= открыть школу; мунньаҕы ас= открыть заседание; уоту ас= открыть огонь; саҥа счётта ас= фин. открыть новый счёт; 8) открывать, обнаруживать, устанавливать (наличие чего-л.); саҥа сокуону ас= открыть новый закон; алмааһы аспыт дьон люди, обнаружившие алмазы \# хараҕын ас= открыть кому-л. глаза.II 1) толкать, пихать, отпихивать; отдавать (о ружье); түөскэ ас= толкнуть в грудь; оҥочону ас= отпихнуть лодку; саам аста ружьё моё отдало; түҥнэри ас= опрокинуть, свалить, повалить, сбить с ног; 2) тыкать, колоть, вонзать, пронзать; быһаҕынан ас= колоть, ударять ножом; сиргэ ас= воткнуть что-л. в землю; батары ас= вонзить; үҥүүнэн ас= проколоть, пробить копьём; курдары ас= пронзить; көҥү ас= пробить; дьөлө ас= уколоть, проколоть; бүөлүү ас= заткнуть; уоту ас= помешать огонь в пёчке; 3) в сочет. с нек-рыми нареч. имеет значение повредить (что-л. целое); тосту ас= переломить ударом (напр. палку); быһа ас= перерезать (напр. верёвку); хайа ас= разорвать, с силой ударив чем-л. острым (напр. ножом); 4) водружать; хыайыы знамятын ас= водрузить знамя победы; 5) вносить, включать; архивка ас= разг. положить в архив; испииһэккэ ас= включить в список; 6) безл. колоть; ойоҕоһум анньар у меня колет в боку; кулгааҕым анньар у меня в ухе стреляет; 7) шить; вышивать; этэрбэс тумсун ас= вшить вставку в носки торбасов; сирийэ ас= подогнуть и подшить через край; мииннэри ас= сшить что-л. через край; оһуор ас= вышивать \# саарытын ас= проучить; түү ас= расти (о пухе, перьях-на птенцах); оперяться; уот ас= поджечь.