-
1 курдук
1. послелог, упр. осн. п. 1) наподобие, подобно, вроде, как, словно; муора курдук как море; алмаас курдук кытаанах твёрдый как алмаз; тураах курдук хара чёрный как ворона; аҕатын курдук оҕо ребёнок похожий на отца; эн курдук подобно тебе, как ты; дьиэ дьиэ курдук дом как дом; дьиэ курдук дьиэ а) да, это дом; б) дом как дом; күүскэ курдук вроде бы сильно; уот сиэбитин, уу илпитин курдук погов. словно уничтожено пожаром, унесено водой; 2) примерно, примерно с...; ый курдук сынньанныбыт мы отдыхали примерно с месяц; онно сыл курдук олорбуттар там они жили примерно год; 2. в роли союза как, как будто; подобно тому, как; эппитиҥ курдук оҥордум я сделал так, как ты сказал; киһи истэрин курдук саҥар говори так, чтоб было слышно; этиҥ тыаһын курдук тыас дэлби барда раздался грохот, будто гром загремел; балыктыыр курдук үчүгэй сынньалаҥ суох нет лучшего отдыха, чем рыбалка; 3. частица модальная 1) в сочет. с гл. выражает недостоверность, предположительность действия и состояния словно, будто, будто бы, как будто бы, вроде бы, кажется; бардар бара туруох курдук этэ он, кажется, готов был всё идти и идти; санаабар наар кинилэри кытта сылдьар курдукпун мысленно я всё время как будто бы с ними; букатын умнубут курдуктар будто и совсем забыли; 2) словообразующая, образует от звукоподр. и образн. слов нареч. и прил.: был курдук мягкий, тестообразный; ил курдук тёплый, уютный (о доме); лоп курдук тоҕус чааска кэл приходи ровно в девять часов; лоп курдук батта как раз вошло; лоп курдук тыллаах-өстөөх киһи человек, чётко выражающий свой мысли; лоп курдук туттуулаах аккуратный в своих движениях (при работе); лыык курдук сим= набивать что-л. до отказа; мыс курдук оҕо пухленький ребёнок; ньим курдук сабыылаах плотно закрытый; тилик курдук энергичный; 3) выражает желание говорящего: бүгүн бүтэрдэр курдук закончил бы он сегодня (напр. работу) \# биллэрин курдук как известно; бу (или ити, ол) курдук так, таким образом; быраабыла курдук как правило; көстөрүн курдук как видно; оол курдук вон там, поодаль; сол курдук точно так; түбэлтэлээх курдук как назло; уот сиирин курдук очень быстро, интенсивно (напр. работать; букв. как огонь пожирает); уот ылар курдук очень быстро (напр. сходить куда-л.; букв. словно за огнём сходить); үгэс курдук как обычно; хайдах курдук какой (хороший); хайдахтаах курдук какой же (хороший). -
2 тос
I подр. стуку небольших твёрдых предметов тук; кыыс хобулугун тыаһа тос-тос тоһурҕаата девушка идёт, стуча каблуками.II: тоскуй ыл= получать по заслугам (быть наказанным); тоһун ылла он получил по заслугам; тоскуй биэриэм! я тебе задам!III: тос курдук киһи надёжный человек; тос курдук сыана а) приличная цена; б) довольно-таки дорого; тос курдук хамнас приличная зарплата; тос курдук ыйааһыннаах довольно тяжёлый (по весу); тос курдук тутун= держаться с достоинством, гордо; тос курдук быһаар= объяснять, разъяснять чётко, ясно. -
3 ыт
собака; пёс || собачий; псиный; булчут ыт охотничья собака; куобахчыт ыт гончая; киҥнээх ыт овчарка; кусчут ыт собака, с которой охотятся на уток; көлүүр ыта борзая (быстроногая, в упряжке); тайахсыт ыт собака, с которой охотятся на лося; тииҥньит ыт собака, с которой охотятся на белку; дьиикэй ыт дикая собака; харабыл ыт дворняжка; саха ыта якутская собака; сыаптаах ыт цепная собака; атыыр ыт кобель; тыһы ыт сука; ыт оҕото щенок; ымыылаах ыт а) защищенная (от злых духов) собака; б) собака, не подпускающая к дому злых духов; ыт айыыһыта божество, покровительствующее собакам; ыт тыһа собачья лапа; ыт тириитэ собачья шкура; ыт үрүүтэ собачий лай; ыт саҕынньах собачья доха; ыт этэ собачина; кусчут да ытынан булуоҥ суоҕа погов. и с охотничьей собакой не сыщешь (соотв. днём с огнём не найдёшь); сыап-, таах ыт ( курдук) погов. (как) цепная собака (говорится о злом человеке); ыт курдук ымсыы посл. жаден, как собака (соотв. как собака на сене); ыт сыҥсыйбытыгар дылы погов. как собачья понюшка (говорится о чём-л. незначительном); ыт ууну салаабытыгар дылы погов. словно собака лакала воду (употр., когда говорят о чём-л. без всяких к тому оснований); ыт үрбэт, ымыы ыллаабат и собака не лает, и птица не поёт (т. е. ни одной живой души) \# хааннаах ыт тириитин курдук көр= брезговать, гнушаться кем-чем-л. (букв. смотреть, как на кожу окровавленной собаки); хара ыт бран. негодяй, мерзавец (букв. чёрная собака); ыкка биэр= забраковать (букв. отдать собаке); ыккын үрдэримэ груб, не ори (букв. не заставляй рычать свою собаку); ырдьыгыныыр ыт бран. хам; ыт. атаҕын тут= остаться с пустыми руками; ыт атах лёгок на ногу (букв. с собачьей ногой); ыт буола сыс= едва не погибнуть из-за пустяка; ыт да тэппитин саҕа суох пустяки; ыт да үрбүтүгэр холоомо= оставить что-л. без всякого внимания; ыт курдук ньылаҥнаа= лицемерить; ыт куоска курдук (олороллор) (живут) как кошка с собакой; ыт өлүүтүн көр= напрасно трудиться (букв. испытать собачью участь); ыт мас клячи невода (палка, края прикрепляется к верхней и нижней бечеве крыла невода на расстоянии четверти от конца); ыт мунна берёзовая губа; трут (букв. собачье рыло); ыт мунна баппат ( ойуура) лесная чаща; ыт сирэй бран. мерзавец (букв. собачья морда); ыт сыппат ото плохое сена (букв. сено, на которое даже собака не ложится); ыттан тириитин сүлүөҥ дуо? разве с собаки шкуру сдерёшь? (говорится о том, кому нечем платить долг); ыт тиҥилэҕэ княженика; ыт тыла пиявка; ыт тыһын курдук кылгаата у него пороху не хватило (букв. он укоротился, как собачья лапа); ыт уола бран. сукин сын; ыт уос буол= остаться ни с чём; ытын киллэрбит он в дурном расположении духа.———————— -
4 уот
1) огонь, пламя; оһоххо уот умайар в печи горит огонь; уокка олорт= ставить на огонь (для варки); уокка бус= обжигаться огнём; уокка умай= гореть в огне; уотунан оонньоомо прям., перен. не играй с огнём; уот онно кострище; уот уйата центр огня в камельке; уот эттэ огонь сказал (по народному поверью, если что-л. задумать или предположить, а в это время в огне послышится треск, то задуманное не сбудется); уокка бырахтахха кэҥсик тахсыбат (киһитэ) а) опустившийся (человек); б) ни к чему не пригодный (человек) (букв. если бросить в огонь, то и горелым не запахнет-формула самоуничижения); 2) свет, освещение; күн уота солнечный свет; электричество уота электрический свет; уулусса уоттара уличное освещение; уоту ас= а) включать свет; б) открывать огонь, начинать стрелять; уоту умуруор= выключать свет, гасить свет \# күн уота сиэбит он загорел на солнце; (кутаалаах) уокка олорт= ругать, бранить кого-л.; не давать покоя кому-л.; уот ааныттан с самого начала; уот ааныттан аккаастаа= отказать в чём-л. с самого начала; уот айах острослов, бойкий на язык; уот иччитэ уст. дух - покровитель домашнего очага; уот иччитин курдук өһүргэс погов. обидчив, как дух домашнего очага (об очень обидчивом человеке); уот кугас огненно-рыжий; уот кураан сильная засуха; уот курдук орто вполне удовлетворительный; вполне приличный, достаточно хороший; уот өттө передняя сторона (напр. кровати); уот салаабытын курдук хоть шаром покати; уот тымныы лютый мороз; уоту туппут курдук мечущийся в спешке; уоту тутар кэриэтэ очень опасное или нежелательное предприятие, занятие; уот ыла кэлбит кэриэтэ= прийти за чем-л. в большой спешке (букв. всё равно, что прийти за огнём); уот ыстанарын (или ыстаммытын) курдук вдруг, неожиданно, внезапно; уотта тут= освещать (напр. лучиной, свечой); уот харахха (эт=) в самый раз, точно (сказать); уоту көрөн олоробут или уот диэки көрбөт буолан олоробут у нас кончились продукты; варить нам стало нечего (букв. мы уже (больше) не смотрим на огонь); уотун умуруор= подавлять чью-л. инициативу, чей-л. энтузиазм (букв. погасить чьё-л. пламя); харах уота а) острота зрения; б) блеск в глазах; в) пронизывающий взгляд.———————— -
5 уу
I 1) вода || водный; водяной; ардах уута дождевая вода; иһэр уу питьевая вода; муора уута морская вода; оргуйбут уу кипячёная вода; өрүс уута речная вода; хаар уута снеговая вода; халаан уута половодье; ыраас уу чистая вода; уу быһыта плотина, дамба; уу дьыл год большой воды, год половодья; уу көтөрө водоплавающая птица; уу ото водяные растения; уу күтэрэ нутрия, водяная крыса; уу суола водная связь, водный путь; уу сэбэ водный транспорт; уу үөнэ водяные насекомые; уу илпит или ууга барбыт водой снесло, водой унесло что-л.; уу быспыт (или хаайбыт) вода перерезала дорогу; ууну бас= зачерпнуть воды (напр. об обуви, лодке); ууну ис= (или обор=) промокнуть, пропитаться водой; уу кэлбит вода поднялась; уу түспүт (или тарпыт) вода спала; уу ылбыт залило водой; уу ылбытыи курдук будто водой скрыло (ничего нет, пусто); ууга устан хаал= оказаться в воде (напр. в протекающем помещении); балык уу дириҥин былдьаһар погов. рыба ищет, где глубже; уу испит сылгы курдук погов. как лошадь, опившаяся холодной воды (о человеке, дрожащем от холода, сильного волнения); ууга тааһы бырахпыт курдук погов. как в воду канул (букв. как камень, брошенный в воду); уунан сууйуоҥ суоҕа (уруугун) погов. (и) водой не смоешь (т. е. как я ни плох, тебе придётся признать своё родство со мной); ууну омурдубут курдук погов. как в рот воды набрал; ууну таһыйан баҕаны куттаабыкка дылы погов. всё равно, что шлёпая по воде, пугать лягушек (т. е. пугать не тем, чем надо); ууттан кураанах тахсар выходит сухим из воды; уу тэсти-бэтинэн саҥарар погов. говорит так, что вода не просочится (ладно, складно, логично); уу тэстибэт (или тохтубат) доҕордуулар между ними вода не просочится (о закадычных друзьях); ыт ууну кэспитин курдук погов. как собака по воде ходила (о чём-л. бесполезном, бесцельном); 2) разг. чай; уута иһэн бар садись пить чай; 3) сок; отон уута ягодный сок; хатыҥ уута берёзовый сок \# буур харбаабыт уута вода (о жидкой, невкусной пище); суөгэй уута пахта; уйатыгар уу киирбит он попал в тяжёлое, критическое положение; уу булда рыбный промысел (букв. водная охота); уу дьулай анат. родничок; уу кыһыл оҕо новорождённый; уу кыыһа личинка стрекозы; уунан ыыт= разг. жидко испражняться; уу ньамаан очень невкусная, непитательная жидкая пища; уу ньамаан тыллаах пустослов; уу оҕуһа мамонт; уу саккырас (или билик, ньалык, ньылыбыр) буол= а) изойти потом; б) промокнуть до нитки; уу сут уст. голод вследствие наводнения или постоянных дождей; уу туҥуй а) молодой; б) чистый, невинный, целомудренный; уу харах разг. глаза (человека); уу харахпынан көрбүтүм я видел это собственными глазами; уу чуумпу мёртвая тишина.II сон; уум кэллэ я хочу спать, мне хочется спать (букв. мой сон наступил); уута уу буолбата ему и сон не в сон; уубар өллүм меня одолел сон, я смертельно хочу спать; уум алдьанна (или көтөн хаалла) мой сон нарушен; түлүк уутугар утуйа сытар он спит глубоким, беспробудным сном; уһун уутун утуйбут он заснул вечным сном (т. е. умер). -
6 дьап
подр. звуку, возникающему при соприкосновении плотно прилегающих предметов или хорошо подогнанных поверхностей; аанын дьап гына сабан кэбистэ он плотно закрыл дверь \# дьап курдук а) точный; аккуратный; ловкий; дьап курдук үлэ аккуратная работа; б) точно; аккуратно; ловко; дьап курдук оҥор= сделать что-л. ладно, аккуратно; дьап курдук хабан ыл= ловко поймать, схватить что-л. на лету. -
7 лоп
I подр. звуку, издаваемому твёрдыми плоскими предметами; ытыһынан остуолу лоп гына оҕуста он ударил ладонью по столу.II: лоп курдук точно, ровно; лоп курдук икки чааска аианныыбыт мы едем ровно в два часа; лоп курдук киһи аккуратный, точный человек; итини барытын лоп курдук толор всё это ты выполни точно; лоп бааччы точно, аккуратно; лоп бааччы быпааран биэрдэ он всё разъяснил точно (понятно, без лишних слов). -
8 ол
I мест. указ. тот, та, то; ол дьиэҕэ киир войди в тот дом; ол хайа үрдүк та гора высока; ол диэки бар= идти, ехать в том направлении, в ту сторону; ол курдук вот так, таким образом; ол гэннэ а) после того, затем; далее; б) сверх того, кроме того, ещё; ол гэннэ тугу кэпсиигин? что ещё расскажешь?; ол да буоллар тем не менее, всё-таки, несмотря на то; ол гынан баран или ол эрээри всё же, однако; ол иһин поэтому, вследствие этого; ол иһин да! вот в чём дело!, вот оно что!; ол аата значит, следовательно; ол үрдүнэн сверх того, помимо того; онон тем; той; онон барыҥ поезжайте той (дорогой); ону а) того, то, ту; ону мин билбэппин того я не знаю; б) о том; об этом; сну истээт услышав об этом; ону ааһан кроме того, сверх того; онуоха(ҕа); на то, на это; онуоха кини этэр... на это он говорит...; онуоха туох баарый? что из того?; онуоха эбии к тому же \# ону баара не тут-то было; онуоха-маныаха диэри до поры до времени.II модальное сл. 1) усиливает выразительность высказываемого: ол туохтан куттанныгыт? а чего это вы испугались?; ол эйигиттэн ыйытыам дуо? а что, тебя буду спрашивать, да?; 2) с гл. предположительного накл. выражает итог, заключение высказываемого так и...; бардаҕа ол так и ушёл... \# ол аата а) значит, следовательно, стало быть, таким образом, выходит; ол аата, дьэлликтииргин бырахтыҥ дуо? значит, ты бросил бродяжничать?; б) то есть, значит; ол аата, төһө буоларый? то есть, сколько будет?; ол буолан (или гынан) баран но, однако; ол буолан баран, бу хартыына олус табыллыбыт однако эта картина очень удалась; ол гынан баран, ким да кэлбэтэҕэ однако никто не приходил; ол да буоллар несмотря на это, однако, всё-таки; ол да буоллар, быйыл оҕуруот аһа лаппа үчүгэй буолар буолла несмотря на это, обещается хороший урожай овощей; ол иһин вот то-то; конечно; ол иһин, эн төннөн кэлиэхтээх этиҥ вот тото, ты должен был вернуться; чэ, ол иһин, сэрэйбит сэрэх ну конечно, так и предполагали; ол иһин даа вот в чём дело; ясно, в чём дело; ол иһин даа, оттон мин сэрэйбэт да этим вот в чём дело, а я и не догадывался; ол курдук а) итак, таким образом, вот так; ол курдук, бу мас дьиэ ордубут таким образом, этот деревянный дом остался целым; б) например, к примеру; ол курдук, бу порка саҥа үс кран туруорулунна в этом порту, например, установлено три крана; ол эрээри но, однако, тем не менее; халлаан былыттаах, ол эрээри ичигэс пасмурно, но тепло; онон буоллаҕына следовательно, значит, стало быть; онон буоллаҕына, кини миэхэ суруйар суруга барыта сымыйа эбит следовательно, всё, что он пишет мне, оказывается неправдой; онон бүтэр вот и всё, и всё; бүгүн барабын, онон бүтэр! сегодня еду - и всё!; онто суох а) и так (уж), и без того; онто да суох биһиэхэ ыарахан и без того нам тяжело; б) действительно, (и) в самом деле; конечно; ээ, онто суох, оннук, действительно, так оно и есть; онто суох, үөрүөхтэрин үөрэллэр! конечно, как им не радоваться!; ону ааһан более того; не только..., но и...; ыллыыр, ону ааһан үҥкүүлүүр она не только поёт, но и танцует. -
9 дыр
I подр. потрескиванию, тихому дребезжанию: дыр-дыр гын= потрескивать; издавать слабые дребезжащие звуки.II: дыр гын= момент.-однокр. образн. внезапно ощутить, как по телу пробегают мурашки (напр. при онемении конечностей, ударе электрического тока).III: дыр курдук разг. а) аккуратный; дыр курдук оҥоһуллубут сделано очень аккуратно; б) вкусный, наваристый; дыр курдук мин вкусный, наваристый суп. -
10 нуора
превратившийся в однородную массу; нуора бадараан мутное, не высыхающее болото; балык наһаа буһан нуора буолбут рыба от долгой варки превратилась в кашу; чоху нуоратыгар дохсун погов. жук-плавунец в своём болоте нагл \# нуора курдук очень много, масса; нуора курдук элбэх балыгы илимигэр туттарбыт он поймал сетью очень много рыбы; нуора курдук оҕолоох у него очень много детей (маленьких). -
11 олуона
нареч. 1) странно; ити курдук тыллаһар олуона странно так говорить; 2) неудобно, непривычно; кини нууччалыы олуона соҕустук саҥарар он по-русски говорит с трудом; сахалыы ити курдук этэр олуона это по-якутски не звучит (букв. по-якутски так говорить непривычно); бу курдук туран үлэлиир олуона работать в таком положении неудобно. -
12 хоп
I подр. звуку, возникающему при ходьбе лошади по чистому льду и т. п.II: хоп гын= однокр. хлопнуть; ытыс тыаһа хоп гынна раздался хлопок; хоп курдук а) хорошо, ладно; хоп курдук олороллор они живут достаточно хорошо; б) хороший, ладный; хоп курдук кыыс ладная девушка. -
13 был
-
14 додо
-
15 дэҥ
1. несчастный случай; дэҥ тахсыбыт произошёл несчастный случай; 2. обычно в сочет. с кэриэтэ, курдук редко, изредка, от случая к случаю; дэҥ кэриэтэ кэлэр он редко приходит; манна хатыҥ дэҥ курдук түбэһэр здесь изредка попадается берёза. -
16 киэнэ
частица формообразующая, образует притяж. ф. имён, выражающую 1) принадлежность предмета кому-чему-л.: аҕам киэнэ принадлежащий моему отцу; киһи киэнигэр баҕарыма не желай принадлежащего человеку (т. е. не желай чужого); аата аҕатын киэнин курдук эмиэ Егор его имя, как и отца, тоже Егор; бэйэм киэнэ моё; бэйэҥ киэнэ твоё; бэйэбит киэнэ наше; кини киэнэ его; кинилэр киэннэрэ их, йхнее; 2) то, что предмет, о к-ром идёт речь, относится к определённой категории лиц, предметов, явлений: сибэкки киэнэ нарына нежнейший из цветов; соно оҕо киэнин курдук пальто его напоминает детское; саата булт киэнэ его ружьё охотничье. -
17 конспект
конспект; лекция конспега конспект лекции; конспект курдук конспективный; конспект курдук суруйуу конспективное изложение. -
18 лэп
подр. лёгкому хлопанью плоским предметом, напр. ладонью, ступнёй \# лэп курдук аккуратно, ровно; лэп курдук оҥор= делать что-л. аккуратно. -
19 нукаай
-
20 ох
1) стрела; оххо табыллыбыт кыыл зверь, раненный стрелой; ыппыт ох түһүөр диэри до падения выпущенной вверх стрелы (старинная мера времени); ыппыт ох курдук как пущенная стрела (совершенно прямо, напр. ехать, идти); 2) лук (оружие); ох саа лук; оҕунан ытыыга күрэхтэһии соревнование по стрельбе из лука; ср. оноҕос \# ох курдук оҥоһун= собраться, снарядиться (ловко, ладно), быть совершенно готовым к действию; ох тыл крылатое слово, афоризм.
См. также в других словарях:
Anthem of the Kirghiz Soviet Socialist Republic — The State Anthem of the Kirghiz SSR ( ky. Кыргыз ССР Мамлекеттик Гимни) was the national anthem of Kyrgyzstan when it was a republic of the Soviet Union and known as the Kirghiz SSR.BackgroundThe music was composed by V. Vlasov, A. Maldybaev, and … Wikipedia
Himno de la RSS de Kirguistán — Bandera de la RSS de Kirguistán. El Himno Estatal de la RSS de Kirguistán fue el himno nacional de Kirguistán , durante su época de República Socialista Soviética integrante de la Unión Soviética. Contenido … Wikipedia Español
Гимн Киргизской ССР — Для этой статьи не заполнен шаблон карточка {{Гимн}}. Вы можете помочь проекту, добавив его. Гимн Киргизской Советской Социалистической Республики ( … Википедия
Гимн Республики Саха (Якутия) — Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыата русск. Гимн Республики Саха (Якутия) Музыкальная редакция гимна Автор слов Савва Тарасов, Михаил Тимофеев (якутский текст) Владимир Фёдоров (русский текст) Композитор Кирилл Герасимов Страна … Википедия
Гимн Республики Саха — Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыата Гимн Республики Саха (Якутия) Музыкальная редакция гимна Автор слов Савва Тарасов, Михаил Тимофеев (якут … Википедия
National Anthem of the Sakha Republic — Саха Өрөспүүбулүкэтин өрөгөйүн ырыата English: National Anthem of the Sakha Republic Sakha Öröspüübulüketin örögöyün ırıata The Flag of the Sakha Republic … Wikipedia
Himno nacional de la República de Sajá — Саха Өрөспүүбулүкэтин өрөгөйүн ырыата Sakha Öröspüübulüketin örögöyün ırıata Español: Himno nacional de la República de Sajá 250px Información general Letra S.I. Tarasova, M.E. Timofeyeva Música … Wikipedia Español