-
1 аат
I 1. 1) имя; прозвище; кличка; аатыҥ кимий? как твоё имя?, как тебя зовут?; хос аат прозвище; аҕатын аата отчество; ытым аата Харабыл кличка моей собаки Страж, мою собаку зовут Страж; аатынан ыҥыр= звать по имени; аат биэр= давать имя, кличку, прозвище; 2) название; заголовок, заглавие; кинигэ аата название книги; 3) имя, известность, слава; үрдүк аат высокое имя; слава; аакка киирбит прославленный, известный; аатын алдьат= опозорить; аатын киртиппит он запятнал своё имя, свою честь; аатын ыл= победив, обесславить; 4) звание; республика үтүөлээх учууталын аатын биэрбиттэр ему присвоили звание заслуженного учителя республики; 5) именины; 2. в ф. дат. п. выступает в роли послелога со значением во имя, в знак, в честь, в память чего-л.; ийэ дойду аатыгар во имя родины; бу малы Москваҕа сылдьыбыт ааппар атыыластым эту вещь я купил в память о пребывании в Москве; 3. в знач. модальной частицы употр. при противопоставлении: аҕатын сүрэхтээх аатыгар сүрэҕэ суох уол төрөөбүт в противоположность работяге отцу сын оказался лентяем (букв. родился сын-лентяй) \# аат аҕай харата кое-как, спустя рукава; аата (или аатыгар) эрэ а) дрянной, неважный; только и славы, что...; аата эрэ сүөһү дрянная скотина; аатыгар эрэ үлэһит неважный работник; б) для виду; спустя рукава; аата эрэ үлэлиир он работает только для виду; аат былдьас см. былдьас; аатыттан ааспыт а) это стало ни к чему непригодным; илим аатыттан ааспыт сеть стала ни к чему непригодной (вся изорвалась); б) оно стало ни к чему непригодным (о животном); аатыттан суох и в помине нет; аат ыыт= распространять клевету; клеветать на кого-л.; ити аата см. ити 2; ол аата см. ол II; туох аатай см. туох.II ад||адский; аат уола! бран. исчадие ада!; аҕабыт ойоҕо аакка түһэр погов. жена священника в ад попадает. -
2 былдьас
совм.-взаимн. от былдьаа= 1) отнимать что-л. друг у друга; икки ини-бии курдарын былдьаспыттар үһү загадка два брата отнимают друг у друга ремень ( атах быата путы, которыми связаны передние и задние ноги лошади); 2) бежать, убегать, уносить ноги (пока не поздно); таһырдьаны былдьаста он поспешил на улицу; 3) перен. стремиться быстрее других достигнуть чего-л.; домогаться чего-л.; былыттаах халлаантан быһылаан былдьаспыта фольк. с облачного нёба призывал он беду (об отчаянно храбром богатыре); мэкчиргэ мас төбөтүн былдьаһарыгар дылы погов. как сова, что старается завладеть верхушкой дерева (о человеке, кот-рый домогается незаслуженной чести, незаслуженного почёта) \# аат (или бэрт) былдьас= соперничать; күрэс былдьас= состязаться; тыыҥҥын былдьас= а) лежать без чувств; б) умирать, агонизировать; уос= тиис былдьас= срывать (девичьи) поцелуи; хаар-уу былдьаһан эрдэҕинэ ранней весной (когда снег начинает быстро таять).