-
1 аат
I 1. 1) имя; прозвище; кличка; аатыҥ кимий? как твоё имя?, как тебя зовут?; хос аат прозвище; аҕатын аата отчество; ытым аата Харабыл кличка моей собаки Страж, мою собаку зовут Страж; аатынан ыҥыр= звать по имени; аат биэр= давать имя, кличку, прозвище; 2) название; заголовок, заглавие; кинигэ аата название книги; 3) имя, известность, слава; үрдүк аат высокое имя; слава; аакка киирбит прославленный, известный; аатын алдьат= опозорить; аатын киртиппит он запятнал своё имя, свою честь; аатын ыл= победив, обесславить; 4) звание; республика үтүөлээх учууталын аатын биэрбиттэр ему присвоили звание заслуженного учителя республики; 5) именины; 2. в ф. дат. п. выступает в роли послелога со значением во имя, в знак, в честь, в память чего-л.; ийэ дойду аатыгар во имя родины; бу малы Москваҕа сылдьыбыт ааппар атыыластым эту вещь я купил в память о пребывании в Москве; 3. в знач. модальной частицы употр. при противопоставлении: аҕатын сүрэхтээх аатыгар сүрэҕэ суох уол төрөөбүт в противоположность работяге отцу сын оказался лентяем (букв. родился сын-лентяй) \# аат аҕай харата кое-как, спустя рукава; аата (или аатыгар) эрэ а) дрянной, неважный; только и славы, что...; аата эрэ сүөһү дрянная скотина; аатыгар эрэ үлэһит неважный работник; б) для виду; спустя рукава; аата эрэ үлэлиир он работает только для виду; аат былдьас см. былдьас; аатыттан ааспыт а) это стало ни к чему непригодным; илим аатыттан ааспыт сеть стала ни к чему непригодной (вся изорвалась); б) оно стало ни к чему непригодным (о животном); аатыттан суох и в помине нет; аат ыыт= распространять клевету; клеветать на кого-л.; ити аата см. ити 2; ол аата см. ол II; туох аатай см. туох.II ад||адский; аат уола! бран. исчадие ада!; аҕабыт ойоҕо аакка түһэр погов. жена священника в ад попадает. -
2 хара
1. 1) чёрный; тёмный; хара өҥ чёрный цвет; хара былыт готовая пролиться туча; хара ыт чёрная собака; хара хаалтыс чёрный галстук; хара ат вороной конь; чох (или көмөр) хара чёрный как уголь; ыас хара чёрный как смоль; хара мэҥ чёрная родинка; 2) перен. чёрный, мрачный, дурной, злой; хара санаа чёрные, мрачные мысли; хара суол а) чёрное дело; б) порок; 2. употр. в нек-рых сочет. в качестве усил. сл.: хара ааныттан (или маҥнайгыттан) с самого начала; хара сарсыардаттан с самого утра; хара төрүөҕүттэн с самого рождения; хара көрсүөҕүттэн с первой встречи; как только увидел; хара сор большое (букв. чёрное) несчастье; хара түөкүн ужасный плут, мошенник; хара накаас тяжкие муки; муки ада; мука мученская; хара балыыр тяжкая клевета \# аат харата а) спустя рукава; б) нехотя, неохотно; киһи-хара буол= стать человеком, выйти в люди; хара аан уст. чёрный ход; хара бараан смуглый; хара көлөһүн труд в поте (лица); хара кутуйахсыт самка полевого луня; хара өлүү проказа, лёпра; хара самыыр дождь без примеси снега; хара сар сарыч обыкновенный; хара сир а) чернозём; б) земля, грунт, почва, не покрытые снегом; хара сыыр яр, обрыв, крутой берег; хара торучча семена чёрной торицы; хара туруйа чёрный журавль; хара тыа а) дремучий лес; б) лиственничный лес; хара тыыммын харыстаа фольк. защити бедную душу мою; хара улар глухарь-самец; хара уу буол= промокнуть до ниточки; промокнуть насквозь; хара уунан олор= остаться без пищи на одной только воде; хара үлэ а) физическая работа; б) чёрная работа; в) черновая работа; үлэм харатын бүтэрдим вчерне я работу закончил (напр. над повестью, рассказом); харах харата зрачок; хара хаас новоземельский гуменник (вид гуся); хара чөкчөҥө щегол. -
3 эрэ
1. частица 1) выражает смягчение категоричности повеления, просьбы -ка; пожалуйста; эт эрэ скажи-ка; туруҥ эрэ вставайте-ка; кэпсээ эрэ расскажи, пожалуйста; үлэбитин бүтэриэх эрэ давай-ка, закончим работу; барыым эрэ пойду-ка я; чэ эрэ ну-ка; чэйиҥ, ыллыаҕыҥ эрэ давайте-ка споём; 2) выражает угрозу или строгое предупреждение попробуй, посмей и т. п.; өссө сымыйалаа эрэ! ты у меня попробуй, соври ещё!; тугу да гыммакка олор эрэ! попробуй-ка побездельничай!; тахсан көрөөр эрэ, түөкүн! только посмей выходить, разбойник!; 3) выражает ограничение, выделение только, лишь, лишь только; ол эрэ куһаҕан... только то плохо...; кэпсэтии футбол эрэ туһунан разговор был только о футболе; сайынын эрэ баар буолар он бывает лишь только лётом; бу хоско утуйаллар эрэ в этой комнате только спят; бу хоско эрэ утуйаллар спят только в этой комнате; 4) употребляясь с деепр. на =ан, подчёркивает его знач.: батыһан эрэ иһэҕин просто идёшь за ним; үлэлээбэккэ эрэ сылайдым и не работавши я устал; 5) образует от вопр. мест, неопр. мест, и нареч.: ким эрэ кто-то; кимнээх эрэ кое-кто; туох эрэ что-то; ханнык (или хайа) эрэ какой-то; кимиэхэ эрэ чьё-то; тоҕо эрэ почему-то; төһө эрэ насколько; хайдах эрэ как-то, каким-то образом; хаһан эрэ когда-то; ханна эрэ где-то; хантан эрэ откуда-то; 2..союз 1) временной, указывает, что действие главного предложения совершается сразу после действия придаточного предложения как только; кини кэллэр эрэ, оҕолор тарҕанан хаалаллар как только он приходит, ребята тут же расходятся; 2) разд. или; кэлэр эрэ, кэлбэт эрэ, мин билбэппин придёт или не придёт, я не знаю; үлэлиир эрэ, суох эрэ, биллэрбэт он не сообщает, работает или нет \# аатыгар эрэ для виду; аат эрэ харата еле, едва, еле-еле, едва-едва; баара эрэ всего-навсего; бэйи (или бэйэ) эрэ погоди, постой; киһи эрэ любой, каждый; көр эрэ смотри-ка; көр эрэ маны! смотри-ка какой!; ( сылдьа) баҕалаа эрэ только посмей (ходить) куда-л.; хорум эрэ! но-но, смотри у меня!